Page 51 - Саха тыла 6 кылаас
P. 51
Аат тыл саҥарар саҥаҕа, тиэкискэ киэҥник тут-
туллар. Сиинтэксистии оруола дэгиттэр: этии ханнык
баҕарар чилиэнэ, бастатан туран, туһаан буолар.
Холобур:
— Туһаан. Арамааскы маны барытын сөбүлүүр.
Ким сөбүлүүр? — Арамааскы. Сөдүөччүйэ Микии-
тэлиин омоох суол устун суксуруһа хааман истилэр.
Кимнээх хааман истилэр? — Сөдүөччүйэ Микиитэ-
лиин.
— Кэпсиирэ. Ийэм — эмчит. Ийэм кимий? — эмчит.
Биһиги кыһамньылаах үөрэнээччилэрбит. Биһиги ким-
нээхтэрбитий? — кыһамньылаах үөрэнээччилэрбит.
Үчүгэй майгыҥ — көтөр кынатыҥ. Майгыҥ тугуй? —
көтөр кынатыҥ.
— Толоруу. Хааһылаан баран хайаҕы харыстаммат.
Тугу харыстаммат? — хайаҕы. Ойуурдаах саһыл ку-
туругунан оонньуур, дьонноох киһи сототунан оон-
ньуур. Тугунан оонньуур? — кутуругунан, сототунан.
— Сиһилии. Баай киһи түүн сүгүн утуйбат. Хаһан,
хайдах утуйбат? — түүн, сүгүн. Ойуун ыалыттан төһө
эмэ сылгыны, ынаҕы үөрүнэн үүрдэрэр. Хантан, хай-
дах үүрдэрэр? — ыалыттан, үөрүнэн.
— Быһаарыы. Көмүс чаһы утуйдаҕына, алтан чаһы
барар үһү. (Күн уонна ый). Ханнык чаһы? – көмүс,
алтан.
87. Өс хоһоонугар аат тыл оруолун — ханнык чилиэн буо-
ларын ыйыҥ (ыйытыынан сирдэтэргитин умнумаҥ).
1. Саха, оҕуһун мииннэ да, ырыаһыт. 2. Бар дьон
тыла — ох, санаата — батас. 3. Кыһалҕа таһыйара кыһыл
талахтааҕар сытыы. 4. Кинигэ — киһи өйдөөх доҕоро.
5. Күндү-мааны күл-көмөр буолбат. 6. Ат иһэҕиттэн көмүс
51