Page 53 - Саха тыла 6 кылаас
P. 53

Ситимнээх саҥа

                            АЙЫЛҔАНЫ ОЙУУЛААҺЫН

 90. Икки араас ойуулааһыны тэҥнээн көр. Хайата ордук
         дии санаатыҥ? Тоҕо? Тиэкис хас кэрчик тиэмэлээҕий?
         Онтон туох түмүгү оҥоруохха сөбүй?

                                   I. БААРАҔАЙ ТИИТ

    Киэҥ алааһы ортотунан ааһар айан суолун кытыытыгар
аарыма тиит үүнэн турарын көрбүккүт дуо? Киллэм сиргэ
турар буолан, ол тиит күһүҥҥү сирилэс тыалы аан баста-
кынан көрсөр. Кыһыҥҥы будулҕан буурҕа кини тоҥ ла-
баатын булгу сөрүүр. Сайыҥҥы этиҥ кини киил көхсүгэр
сааллар. Сатыы да, аттаах да айанньыт ол тиити быһа
ааспат. Үтүө сүрэхтээх киһи, умайар уот куйаастан халыҥ
күлүгүнэн хаххалаабытыгар махтанан, ол тиит намылхай
лабаатын кыһыл, күөх кырадаһын таҥаһынан, атын кыл-
баа маҥан сиэлинэн киэргэтэн ааһыа. Оттон куһаҕан са-
наалаах ааргы айанньыт, күлүккэ сөрүүкээн күүс-сэниэ
ылбыт төлөбүрүгэр, силиһин быһа охсуо эбэтэр аанньата
суох аатын суруйан хаалларыа. Баараҕай тиит ону бары-
тын уйар, ону барытын тулуйар.

                                                                        (Софрон Данилов)

                                    II. КӨМҮС КҮҺҮН

    Күөйэ хааман, үөмэн сыбдыйан кэлбит аалыы кыырпах-
тардаах кэми көрсө дьаарбайар ураты сиэдэрэйдээх. Айыл-
ҕа оҥорор оһуора нарынтан нарын, тупсаҕай, эгэлгэ киэҥ ис
хоһоонноох дьэрэкээннэрдээх. Хаар түһүөн иннинээҕи хара
сиринэн сылдьан, оту-маһы одуулаһыы үтүөтэ үгүс. Тула-
ҕар ойууруҥ кыракый харамайдара, тиит, талах чуопчаарар
чыычаахтара тырыбынаһа, эргичийэ-урбачыйа оонньоон-кө-
рүлээн, эгэлгэ тылларынан сэргэхситэллэр.

                                                                                                            53
   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58