Page 55 - Саха тыла 6 кылаас
P. 55

-ааһын сыһыарыы аһаҕас дорҕоонунан эрэ бүтэр туохтуурга сыс-
      тар. Онуоха уһун аһаҕас дорҕоон силлиһэр. Холобур: алҕаа +
      ааһын > алҕааһын, итээ + ээһин > итээһин.
      Оччотугар болҕойор сөп: маннык үөскэтии сыыһанан ааҕыллар:
      ааҕааһын, барааһын, киирээһин, көтүтээһин, барааһын-кэлээһин.

      Таба суруйарга кыһан. Тылга һ дорҕоон кылгас аһаҕас дорҕоону-
      нан арыттанан хос хатыланар буоллаҕына, бастакыта с дорҕооҥҥо
      кубулуйар, холобур: эсэһит, сүөсүһүт (сүөһү + һүт > сүөсүһүт);
      оттон уһатыылаах аһаҕаһынан араарыллар буоллаҕына, уларый-
      бат, холобур: аһааһын, ууһааһын (ууһаа + ааһын > ууһааһын).

      Сахалыы тылга үс бүтэй дорҕоон сэргэстэспэт. Онон маннык
      түбэлтэҕэ биир дорҕоон симэлийэр. Холобур: булт + чут > булт-
      чут > булчут, эмп + чит > эмпчит > эмчит.

         Булт – бут курдук икки аҥыы этиллэр тыл олоҕо
     -рт, -лт бүтүүлээх суруллар: булт-алт, күөрт, кыырт,
     омурт, өрт (баһаар), сурт (өтөх), баарт (нууч. фарт).

     I. -ыы сыһыарыынан үөскээбит аат тыл бачча диэн чопчу
     сыыппараны ыйыахха сөп дуо?
     II. Анал, уопсай аат тыллар үөскүүр сыһыарыылара биир дуу,
     тус-туһунан дуу?
     III. Хайатыгар да туттуллуон сөп сыһыарыы баар дуо? Баар
     буоллаҕына, ханнык?

92. Маннык суолталаах аат тылы үөскэт. Сыһыарыытын
        ый.

     1) аат тылтан:
     идэ-дьарык: сүөһү, хаһаас, эргиэн, тойук, үҥкүү, билгэ;
     кыратытар-атаахтатар, эйэргиир, истиҥ сыһыан:
     саһыл, доҕор, куоска, Айаал, Ньукулай, ийэ, сэгэр;
     2) туохтууртан:
     хайааһыны ааттааһын: хатаа, кыһый, быс, кэтээ, тэ-
     рий, кистээ;

                                                                                                          55
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60