Page 52 - Саха тыла 6 кылаас
P. 52

кыырпаҕын көрдөөбүккэ дылы. 7. Кыс хаар ортото кыта-
лык этинэн сүрэхтэппиккэ дылы. 8. Биһиги да алааспы-
тыгар өтөн үөтүө, кэҕэ этиэ, күөрэгэй ыллыа.

         88. Үүт-үкчү халыыптаах, бэлиэтэммит тыллар хан-
                 нык саҥа чааһа, этии ханнык чилиэнэ буолалларын
                 ырытыҥ.

    1. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Кырдьык, итин-
ник сурах сир-буор аннынан сыылбыта өр буолла. Бүөккэ
сымыйалаабатаҕа, үчүгэй кийиит кырдьык кэлбитин кэп-
сии олороро. 2. Били саҥа оҥорбут ытаһалара түһэн
хаалбыт эбит. Бары уоскуйбуттарын кэннэ, Сөдүөт саҥа
соһуйда. Айдаан ортотугар холку саҥа иһилиннэ. 3. Ула-
хан убайбын дьон-сэргэ ытыктыыр. Мин киниттэн биэс
сылынан убайбын. 4. Бары төрөөбүт дойдубутунан киэн
туттабыт. Быйыл биһиги төрөөбүт дойдубутунан айан-
наан, элбэҕи көрдүбүт, биллибит. 5. Бу туһунан бөлкөй
талах көстөр. Сухатын тимирэ туура баран, иҥнибит си-
ригэр туһунан сытар эбит. Дьоммут туһунан боппуруоһу
көрө олороллор эбит. 6. Ити кырдьаҕас аата — Баһылаас.
Киһи аата киһи, кыыл аата кыыл. 7. Үтүө киһи үтүөнү
оҥоро сылдьааччы. Оо, сыыдам хайыһардаах киһи! Орто
туруу дойду киэргэлэ — киһи.

         89. Айар сорудах. Биир халыыптаах аат тылы этиигэ
                 толоруу уонна кэпсиирэ оҥоруҥ. Холобур: Саҥа
                 доҕоргун харыстаа, урукку доҕоргун умнума. Эн
                 дьиҥ эрэллээх доҕоргун.

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: убай, аҕа, киһи, оҕо.

52
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57