Page 47 - Саха тыла 6 кылаас
P. 47

Сарсын Даркылаах диэн күөлү куйуурдууллар... Оҕон-
ньоттор отторун-мастарын бэлэмнээбиттэрэ, куйуурдарын-
маҥкыларын сөргүппүттэрэ ...

    Сэбирдэх Уйбаан эмиэ, сарсын уола оскуолаттан өрүүр
күнүгэр илдьэ бараары, куйуурун абырахтана олорор. Ойоҕо
Мааппа оһох кэннигэр бурдук тардан сыыгыната турар...

    Ити икки ардыгар таһырдьаттан уоллара Ньукулаас ай-
маммытынан тоһугураан киирдэ: — Аҕаа, дьэ бүгүн саҥа
кинигэ ыллыбыт, көрүөҥ дуо? Ааттыын «Саҥа суол» диэн ...

    Быраҕыллыбыт баҕа Ордьоох Ньукулай оҕонньор ку-
йуурдаары турар ойбонугар чалыр гына түстэ... Онуо-
ха эбии аттыгар турар киһитэ: «Хайа, оҕонньор, туох
кэллэ?» — диэн айахтатта. — Ити быччаҕар, Сэбирдэх,
кыраабыкка дылы, ойбоммун үөнүнэн тамнаабыта туох
кэлиэй. Арай үөн-көйүүр кэлбит...

    Сэбирдэх, түргэн тыл муҥутаан, ону сүгүн истибэ-
тэ: — Тыый, оҕонньор, оттон баҕа даҕаны балык бал-
та буоллаҕа дии... Хата, үлэлээ, доҕоор, эбэҥ аһатаары
маҥнай баҕатыттан маанылаабыта буолуо, бу сырыыга
балык кэлиэ!..

                                                                            (Амма Аччыгыйа)

       1. Айахтатта диэни хайдах өйдүүгүн?
       2. Икки персонаж хос ааттаах: Сэбирдэх, Ордьоох. Дьон

           тоҕо итинник ааттаабыта буолуой?

                   Анал аат барыта улахан буукубаттан
                                           суруллар

           1. Биир тыллаах анал аат, холобур: Ньургуйаана,
       Күндэ, Хачыгыр, Өрүөстээх, Моойторук, Дьокуускай,
       Бүлүү (өрүс, куорат), Холбос, «Төлкө» (арамаан).

                                                                                                            47
   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52