Page 42 - Саха тыла 6 кылаас
P. 42
киниэнэ/кини киэнэ/, барыта, ким эрэ, бэйэлэ-
рэ, туох?).
· Туохтуур бөлөҕө
5. Туохтуур:
1) тус туохтуур (ыллаа, дадай, ньирилээ);
2) аат туохтуур (ааҕар, аахпыт, ааҕыах /оҕо/);
3) сыһыат туохтуур (ааҕа, ааҕан, ааҕаат, ааҕаары).
II. Уларыйбат саҥа чааһа
6. Сыһыат (хойут, бытааннык, аара, иккитэ, кы-
һыйан).
7. Саҥа аллайыы (оо, һук, айыы-айа-айа, аар-та-
тай оҕолоор).
8. Эбиискэ (дуу, эмэ, киһи баар ини, аах).
9. Дьөһүөл (дылы, аайы /ахсын/, кытта).
10. Сыһыан тыл (хата, чэ ыл, кэбис).
11. Ситим тыл (итиэннэ, ол эрээри, ол иһин).
68. Бэргэн этиини аах. Ханнык саҥа чааһын билэргин
булан эт.
1. Ийэҕэ таптал умуллубат төлөнүнэн өрө күүрэр.
2. Дьону дьоллууртан ордук дьол бу аан ийэ дойдуга
суох! 3. Эйэҕэстик этиллибит истиҥ саҥаны киһи хайаан
даҕаны өйдүүр. 4. Суруйааччы үлэлээтэҕинэ, олоҕу би-
лэр, олоҕу биллэҕинэ, үчүгэйдик суруйар. 5. Үтүө киһи
ылбычча да соҕуһу тупсара, киэргэтэ сылдьар идэлээх.
6. Аан дойдуга туохтан да үчүгэй — эйэ, туохтан да куһаҕан
иҥсэ баар. 7. Үлэ уонна үөрэх, туорайдаһыахтааҕар, хата,
хардарыта көмөлөсүһэр курдуктар.
(Амма Аччыгыйа)
69. Уус-уран айымньыга ханнык саҥа чааһа сахалыы
хос аат быһыытынан туттуллубутуй?
Эрдэлиир Миитэрэй, Дугуйа Ньыыкан, Харчылаах
Кууһума, Хабалдьыйа Харытыана, Логлойо оҕонньор,
Кыйыктыыр удаҕан уола Уот Айах, Дьылыгыс Маа-
йа, Бачыгыратар Баһылай, Хаста баай, Сылласты-
42