Page 38 - Саха тыла 6 кылаас
P. 38
луон баҕарар эбит. Оттон сорохпут итини утарабыт.
Киһи-сүөһү элбээтэҕинэ, собуоттар, баабырыкалар туту-
луннахтарына, буруолара, кирдээх уулара айылҕаны сы-
тытыа-ымытыа диибит.
Мин эмиэ төрөөбүт Үөдэйбин таптыыбын. Нэһилиэгим
сирэ дьикти кэрэ көстүүлээх. Отон арааһа үүнэр. Ону
үргээри сайын аайы массыынанан дьон бөҕөтө кэлэр.
Үөдэй гиэрбэлээҕэ буоллар, дьэдьэн ойуутун талларыам
этэ. Үөдэйим дьэдьэн курдук минньигэс. (Фрося Ф.)
63. «Ааспыт сайын ыһыахха» диэн тиэмэҕэ ыстатыйата
суруй, ис хоһоонун толкуйдаа, 3 пууннаах былаанна
оҥор. Тиэкискэ киирии уонна түмүк чааһы киллэр.
Хатылааһын
64. Аах. Сорудаҕы толор.
1943 сыллаахха Алдан өрүс биэрэгэр турар Укулаан
бөһүөлэгэр оҕуруот сириттэн болот көстүбүтэ. Булум-
ньуну биллиилээх археолог, ол саҕана устуоруйа-архео-
логия эспэдииссийэтин начаалынньыга П.А. Окладников
үөрэппитэ.
Болот үрдүк хаачыстыбалаах боруонсаттан кутуллубут
этэ. 48 см уһуннааҕа. Саха сиригэр, Сибиир истиэптэ-
ригэр да, Илин Европаҕа да көстүбүт болоттортон эл-
бэх уратылааҕа. Биилээх өттө уонна уга тус-туспа кутул-
лан баран бииргэ холбоммут этилэр. Чинчийээччилэр
кыргыһыы бу тэрилигэр болот уонна үҥүү элэмиэннэрэ
холбоммутун интэриэһиргээбиттэрэ.
Кэлин Кытайга Харбин куорат чугаһынааҕы хаһыыттан
эмиэ Укулааннааҕы болокко олус майгынныыр болот көс-
түбүтэ.
1984 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Бүтэй-
38