Page 33 - Саха тыла 6 кылаас
P. 33
Ситимнээх саҥа
ИҺИТИННЭРИИ, БИЛЛЭРИИ
Иһитиннэрии диэн, аата да этэрин курдук, тула-
лыыр эйгэҕэ, күннээҕи олоххо туох саҥа баар буолбу-
тун, араас сонуну иһитиннэрэр, кэпсиир сэһэргээһин
тиэкис ааттанар. Иһитиннэриигэ кылаас, оскуола оло-
ҕуттан аан дойдуга туох уларыйыы тахсарыгар тиийэ
кэпсиэххэ сөп. Биһиги араадьыйанан, тэлэбиисэринэн
күннэтэ истэр сонуммут эмиэ иһитиннэриигэ киирсэр.
Иһитиннэрии тыла-өһө судургу, ис хоһооно кылгас,
чуолкай буолар. Бэйэ санаата, иэйиитэ көстүбэт. Онон
дьыала истиилигэр чугас.
51. Хаһыакка анаан сайын хайдах сынньаммытыҥ туһунан
иһитиннэриитэ суруй. Бастаан былаанын оҥор, кэрчик
аайы 3—4 этиитэ суруй, ис хоһоонун арый, тылын-
өһүн чочуй.
Биллэриигэ хаһан, ханна туох буолуоҕун туһунан
аҕыйах тылынан, кылгастык, чуолкайдык этиллэр, су-
руйуллар.
52. Хайата иһитиннэрии, хайата биллэрии буоларын быһаар.
I. Дириэктэр кэлэр өрөбүллээҕи баскыһыанньык туһу-
нан кэпсээтэ.
Түөрт сүүс сүөһү киирэр хотоно тутуллуохтаах, ол иһин
өрөбүл аайы нэһилиэк үрдүнэн баскыһыанньык оҥоһуллар.
Улахан дьоннуун, оскуола оҕолорунуун бука бары үлэлии
тахсыахтаахтар. Үрдүкү кылаастар уолаттара сүгэлээх, бэ-
33