Page 30 - Саха тыла 6 кылаас
P. 30
7 §. Киирии, эргэрбит уонна саҥа
тыллар
Олох уларыйыытын кытта тэҥҥэ хайа да омук тыла эмиэ
куруук уларыйа турар. Онуоха лиэксикэ ордук уларыйымтыа
салаа буолар. Сорох тыл суолтата уларыйар эбэтэр төрүт да
сүтэр. Оччоҕуна урут суох саҥа тыл үөскүүр. Омук барыта
атын омугу кытта алтыһар, киниттэн саҥа тылы эбинэр.
Норуот атын омук тылыттан ылан туттар буолбут
тыла киирии тыл дэнэр.
Билиҥҥи саха тылыгар нууччалыы тыл олус элбэх. Акадьыа-
мык П.А. Слепцов чинчийиитинэн, 5 тыһыынчаттан быдан тах-
са тыл киирэн турар. Холобур: остуол, кинигэ, лаампа, куорат,
сойуус, тиэхиньикэ; водолаз, гимнастика, кафе, фантасти-
ка, космос, энциклопедия. Киирии тыл ийэ тылбытын байы-
тар. Ол иһин норуодунай суруйааччы Н.Е. Мординов—Амма
Аччыгыйа бэргэнник этэр: «Тыл тылга мэһэйдээбэт, хата, тыл
тылга көмөлөһөр».
Аныгы олоххо туттуллубат барамайы, өйдөбүлү бэ-
лиэтиир тыл эргэрбит тылынан ааҕыллар. Холобур:
кулуба, ыаҕас, буутай, муунта, торҕо. Эргэрбит тыл
ордук уус-уран айымньыга үгүс буолар. Тоҕо? Суру-
йааччы маннык тыл көмөтүнэн урукку олох уратытын
бэргэнник ойуулуур.
Урут суох барамайы, өйдөбүлү бэлиэтиир тыл саҥа
тыл дэнэр. Холобур: уларыта тутуу (перестройка), Ил
Түмэн, Ил Дархан (бэрэсидьиэн), ырыынак.
30