Page 31 - Саха тыла 6 кылаас
P. 31
Саҥа тыл, киэҥник туттуллан, литературнай тылга киирэр.
Саҥа тыл биир көрүҥэ — суруйааччы уус-уран уобарас оҥорор
туһугар айар тыла.
Холобур:
Сахаадаҥ саргытын күлүүһүн тутаҥҥын,
Сандааран тураҕын, Дьокуускай куоратым.
(Илья Чаҕылҕан)
Үгүстүк туттулуннаҕына, итинник тыл сыыйа көннөрү тылга
кубулуйар.
47. Аах. Бэлиэтэммит киирии тыл суолтатын быһаар.
1. — Абыраатаххыт дии, баскытыттан атаххытыгар диэ-
ри баһыыба! — диир Дьөгүөрдээн. 2. Учуутал Уйбаан
Кириилэп куораттан дьонугар бокулуон ыытар. 3. — Бы-
растыы, биэлсэр. — Бырастыы, хайа сатанарынан эмтии
сатаатыбыт. 4. — Бодуруобуна бэлэмнэнэн баран боппу-
руобуйдаан да көрүллүө. 5. Алҕаһаан, сахалыы саҥаран
кэбистэххэ… күннээҕи дьуһуурунай оройго охсор.
(Амма Аччыгыйа)
48. Эргэрбит тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыт көмө-
түнэн ырыт.
Онтон сотору соҕус буолан баран, Тураҥнаах үрүйэттэн
кэлэр суол устун биир көмүс ыҥыырдаах, оһуордаах сап-
пыйаан кычымнаах күөх элэмэс аты мииммит, ыыс ара-
ҕас хааннаах, мааны таҥастаах тойон киһи, дьоруонан
дайдаран кэлэн, балаҕаннарын айаҕар түспүтүгэр, Ха-
чыгыр Чооруостуун, титиик иһигэр түһэн бараннар, мас
быыһынан көрөн турбуттара. Тойон атын сиэппитинэн
ырҕардаан тиийэн, көмүстээх дэйбиирин угунан балаҕан
айаҕын тоҥсуйар.
(Эрилик Эристиин)
31