Page 27 - Саха тыла 6 кылаас
P. 27
САЙЫН ҮҮРҮЛЛЭР
Быһыттаҕас былыттаах, тыа маһын суугунатар күүс-
тээх тыаллаах күннэр буоллулар. Халлаан улам-улам
тымныйан, сарсыарда хонуубут хагдарыйбыт ото тур-
тайа кырыарар. Биир оннук күн эбэм таһырдьаттан киир-
дэ уонна туох эрэ дьиктини көрбүт, билбит курдук:
— Күһүн обургу кэлэн, сайыммыт барахсаны үүрэн эрэр! —
дии-дии илиитин мускуйар.
Сайыны күһүн обургу хайдах үүрэрин көрөөрү, өс киир-
бэх ойон тураат, атах сыгынньах таһырдьа ыстанабын.
Санаабар, маныыһыт Дьөгүөр ынахтары аһата илдьээри
үүрэрин курдук, күһүн обургу сайыны «саттаан, сайдаан»
үүрэн барарын көрөр баҕалааҕым.
Таһырдьа тахсан көрө сатыыбын — күһүн да, сайын
да көстүбэттэр. Арай халлаан тымныйбыт, тыалырбыт.
«Баҕар, биһиги дьиэбит олбуорун аттынан күһүн сайыны
үүрэн ааһаарай» диэн, титирии-титирии кэтэһэбин. Суох,
туох да көстүбэт. Эбэм хаһан көрбүтэ буолла? Тоҥоммун,
дьиэбэр киирэбин.
— Ычча, бу уол даҕаны, атах сыгынньах бу тымныыга
таһырдьа тахса сырытта дии! — диэн эбэм айдаарбыта.
— Эбээ, күһүн обургу кэлэн сайыммытын үүрэн эрэрин
көрбөтүм дии! — диибин.
— Бу оҕом сыыһын, күһүн диэн киһи да, сүөһү да буол-
батах... Дьыл тымныйар кэмин күһүн диэн ааттыыллар, —
диэбитэ ийэм.
(Николай Якутскай)
С¥БЭ
Ñýһýðãýýһèí òèýêèһè ûðûòûû ûéûííüûãà
1. Òèýêèñ òèýìýòý òóãóé? Òөһө òîëîðó àðûëëûáûòûé?
27