Page 24 - Саха тыла 6 кылаас
P. 24
ЛИЭКСИКЭ
6 §. Тыл сүрүн баайа. Түөлбэ тыл.
Идэ тыла
Киһи барыта өйдүүр, ханнык баҕарар эйгэҕэ тут-
тар тыла уопсай туттуллар тыл дэнэр. Х о л о б у р:
сир, күн, от, мас, киһи, сылгы, бар, көр, үрүҥ,
хара.
Ханнык баҕарар тыл, дьиҥэр, муҥура суох баай. Санаан
көрүөҕүҥ: ахсаан-сыыппара аата (биир мөлүйүөн...), анал аат
арааһа (Кэрэчээнэ, Эрчим...; Сындыыс, Ураанай, Мохсоҕол...;
«Кыым», Арыылаах, Өлүөнэ...). Ону ким ааҕан ситиэй!?
Ханна эмэ олохтоох дьон эрэ туттар тыллара
түөлбэ тыл дэнэр. Х о л о б у р: ыалыкы (хабдьы),
сойутар (үрүҥ чаанньык), мэйии (төбө).
Түөлбэ тыл уус-уран айымньыга элбэхтик көстөр. Онон лите-
ратурнай тылы хаҥатар-байытар. Уопсай тылдьыкка киирдэҕинэ,
түөл. эбэтэр диал. (диалект тыла) диэн бэлиэ оҥоһуллар.
Дьон анал идэтигэр туттар тыллара идэ тыла
диэн ааттанар. Х о л о б у р: кыһа, күөрт, үттэ, бал-
та, ыһыы, хатарыы (тимир ууһун тыла), нуота, ма-
тыып, дьээ-буо, дэгэрэҥ ырыа, хос ырыа, кырыымпа
(муусукаҕа сыһыаннаах тыл).
24