Page 21 - Саха тыла 6 кылаас
P. 21
Сүбэбитин тыырсыах. — Ыы доҕорум барахсан Дэлэ да
киһи омуктартан куотуоҥ дуо? — диэт, доҕорун кууһа
түспүт. 3. — Доҕоор дьэ, үчүгэй да илими баайа оло-
рор эбиккин. — Ээ, үчүгэй буолумуна. Дьэ эн ааттаах
ырыаһыт киһи бу илимҥэ балык туппат гына ыллыаҥ этэ
дуо? — Тыый, ыллаан буолумуна, — диэбит. (Үһүйээнтэн)
37. Уоллаах кыыс туһулууну туттан кэпсэтэллэр. Та-
быгастаах, үчүгэй туһулууну этии аайы кыбытан,
ыпсаран саҥарар киһи кыайыылаах тахсар.
Туһулуу — тыл сиэрин-туомун (речевой этикет) биэрии
киэҥник туттуллар ньымата. Сүрүн оруола — кэпсэтээччини
истэргэ, хайааһыны оҥорорго ыҥырыы, болҕомтотун тар-
дыы. Туһулуу эбиитин дьон сыһыанын, майгытын-сигилитин,
билиитин-көрүүтүн, култууратын кэрэһилиир. Онон кэпсэтии
сиэрдээх, ситиһиилээх буоларыгар туһулуу оруола улахан.
38. Сиинтэксискэ сыһыаннаах таабырынна таайсыҥ.
1. Силиги ситэрэр сигилилээх, сэттэлээх сэгэртэй баар
үһү. 2. Толорорго тоҕооһу тумнубат толуу Тохоо баар үһү.
3. Ыпсаран ыҥырарбынан ытыктанабын диэччи баар үһү.
Ситимнээх саҥа
ТИЭКИС УУСТУК БЫЛААНА
Судургу былааны таһынан уустук былаан диэн
баар. Уустук былаан пууна бэйэтэ эмиэ тус-туспа
пууҥҥа арахсар.
21