Page 17 - Саха тыла 6 кылаас
P. 17
3. Уол, уой, үөр.
4. Баай, таай, саас, буут.
5. Аһыы, кут, иһит, туой.
6. Балта, бүтэй, көтөр, хас.
28. Аат тыл – туохтуур омуоньум кэккэтин элбэҕи
булбут үөрэнээччи бастыыр. Холобур: тыын —
тыын.
Ситимнээх саҥа
ТИЭКИС СУДУРГУ БЫЛААНА
Кэрчик тиэмэни туспа ааттыахха сөп. Кэрчик тиэ-
мэ аатын холбоотоххо, тиэкис былаана тахсар. Ол
аата, тиэкис хас кэрчигэ тиэмэлээх да, былаана эмиэ
соччо пууннаах буолар. Ол — судургу былаан диэн
ааттанар.
29. Тиэкиһи аах. Хас кэрчик тиэмэлээҕин быһаар. Тиэкис
судургу былаанын суруй, кэрчик тиэмэ ахсын аатта
бул. Апсаастаах этиини ый.
ИЙЭ СҮРЭҔЭ
Өрүс баһыгар хаардаата быһыылаах, куба, хаас хойуу-
тук киирбитэ хаһыс да түүнэ буолла. Кинилэр кый үөһэ-
нэн, ооҕуй оҕус ситиминии, көтөн субуһаллар. Биһиги,
иккиэ буолан, сүөсүһүттэр тахсар кыстык дьиэлэрин
өрөмүөннүү баран иһэбит. Үөһэ — айан хааһын саҥата,
аллара — тыа баһын куугуна.
Үрдүбүтүгэр куба саҥарбытыгар өрө көрө түспүппүт,
саа ылбат сиринэн сүүрбэччэ куба ааһан иһэр эбит. Онтон,
17