Page 15 - Саха тыла 6 кылаас
P. 15

21. Синиэньим тылы булан, наардаан суруй.

    1. Аймах. 2. Алҕас. 3. Алдьархай. 4. Анал. 5. Айдаан.
    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: удьуор, сыыһа, энчи,
иэдээн, уруу, үлүгэр, аймалҕан, оҥоһуу, өбүгэ, төлкө,
сор, дьылҕа, эҥкил, быһылаан, ыйаах, эрэй, дэҥ, иир-
сээн, биис, түрүлүөн.

       Бэйэҥ синиэньими туттан, тылгын байытаҕын, санааҕын ор-
       дук толору, бэргэнник этэҕин.

         22. Өс хоһоонугар бэлиэтэммит тыллар синиэньимнии
                 сыһыаннаахтар дуо?

    1. Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан
билсэр. 2. Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх.
3. Дойду сурахтаах, алаас ааттаах. 4. Бэрт киһи бэтиэ-
хэлээх, үтүө киһи үгэлээх. 5. Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаа-
рытыгар алдьаммыт.

         23. Өс хоһооно холбуу этии тутуллаах: ол иһигэр су-
                 дургу этиилэр, сүнньүнэн, тэҥ суолталаахтар. То-
                 ҕотун быһаарыҥ.

    1. Аастахха, аба да амтаннаах, утаттахха, уу да минньи-
гэс. 2. Харыстатара хараҕын уута, көмүскэтэрэ көмүс-
кэтин уута. 3. Соҕотох тыл сокуон, биир тыл бирисээгэ.
4. Өрүс долгуннаах, олох очурдаах.

24. Хомоҕой хоһоон кэрэхсэтэр кэрчигиттэн тиэкис
        синиэньимин булан быһаарыҥ.

Сүгэ курдук биилээх тылы,
Сүгэ курдук дохсун тылы,
Сүгэ курдук наада тылы,
Сүгэ курдук өлбөт тылы

                           15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20