Page 12 - Саха тыла 6 кылаас
P. 12

17. Тылы ыйытыынан уларытан суруй. Сыһыарыы
                 бүтэй дорҕооно хайдах уларыйарын быһаар. Өйдөө-
                 бөт тылгын ыйыт.

       1. Туохпут? Аймалҕан, дьон, кулуһун; куорат, отчут,
       булчут.
       2. Туохха? Бадараан, дьэргэлгэн, омурҕан; кэрэһит,
       лоокуут, мэтириэт.
       3. Тугум? Табык, турук; сулус, хаһаас; быраап, сы-
       рыып; хайах, олбох.
       4. Тугунан? Ытык, кулунчук; алаас, өргөс; тэллэх, та-
       йах; сап, ыскаап.

         18. Олохтоохтук толкуйдаа. Сахалыы тылга үс бүтэй
                 дорҕоон сэргэстэһэр дуо? Сөпкө эттиҥ: суох! Оччоҕо
                 тыл маннык уларыйарыгар этиллиитэ уонна таба
                 суруллуута хайдах буоларын ситэриэххэ.

    Булт + ум >________, кыырт + быт >_______, эмп +
ҕэ >_______, орт + тун >_______, үөмп + бэт >_______,
хаамп-сиимп + тын >_______.

                         Ситимнээх саҥа

                      ТИЭКИС ТИЭМЭТЭ, ИС ХОҺООНО

           Тиэкис тиэмэтэ бэйэтэ эмиэ хас да кэрчик
       тиэмэҕэ арахсыан сөп. Оннук кэрчик тиэмэ туспа
       апсаас буолар. Апсаас кэрчик тиэмэни арыйар хас
       да этииттэн турар. Ардыгар биир этиилээх буолуон
       эмиэ сөп.

12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17