Page 9 - Саха тыла 6 кылаас
P. 9

V КЫЛААСКА ҮӨРЭППИТИ
ХАТЫЛААҺЫН

                  2 §. Дорҕоон үөрэҕэ

 12. Тиэкиһи болҕойон ааҕыҥ. Сорудаҕы толоруҥ.

    Владимир Дуровка Запятайка диэн ыт дьиктини
көрдөрөрө. Чехов Дуровтан Запятайка кини пенсне-
тин устарыгар гипнозтууругар көрдөспүтэ. Запятайка
суруйааччыга кэлбитэ, кини ньилбэгэр ойон тахсы-
быта уонна тааһын алдьаппакка эрэ, оправанан сирэ-
йин бааһырдыбакка эрэ, сэрэхтээхтик Антон Павлович
пенснетин устан ылбыта.

    Чехов олус сэргэхсийэн, Запятайканы бэйэтэ гипноз-
таан барбыта. Онуоха кини элбэх сорудаҕын ыт точнай-
дык толорбута. (Фёдор Ефимов «Дьиктилэр... Дьиибэлэр...
Дьээбэлэр...» диэн кинигэтиттэн)

    1. Кылгас аһаҕас дорҕоону уһунунан солбуйуҥ. Туох тыл
        үөскээтэ?
        Ыт — ___, кини — ___, устан — ___, устарыгар — ___.

    2. Аны уһун аһаҕас дорҕоону, дьуптуону кылгаһынан
        солбуйдахха, хайдах буолар эбитий?
        Диэн — ___, тааһын — ___, гипнозтаан — ___.

    3. Сахалыы синиэньимин булуҥ:
        пенснетин — ___, оправанан — ___,
        точнайдык — ___.

    4. Ыт, уонна, устарыгар диэн тыллар омуоньумнарыгар
        биирдии этиитэ айыҥ.

                                                                                                              9
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14