Page 5 - Саха тыла 6 кылаас
P. 5

Кэриэһим — кэннибэр хааларым — кэхтибэт кэрэкэ
тылларым; тохтор көмүс дорҕоонум; сыллартан сыппаабат
сытыы күүс тыл; төлөннөөх тойук; иитиллэр ийэ тылым; ил-
бис тыл, чаҕылхай тыл, уоттаах тыл, нарын дорҕоон, саха
намылхай тыла, алмаас тыл, алыптаах тыл, кэрэ оһуор-
уустук тыл, дыргыл-мүөт тыл, эйэҕэс тыл, дьэрэкээннээх
сайаҕас тыл, бигэ тыл, адаархай дөлүһүөн хатыылаах тыл.

  5. Маннык өс хоһоонугар тыл ханнык күүһэ тоһоҕолоон
          бэлиэтэнэрий?

    Үтүө тыл — баайдааҕар күндү. Көрсүө тыл бэлиэ.
Кыһыл тыл байҕалы оломнуур. Уус тылынан устар ууну
сомоҕолуур. Үтүө тыл — дьол.

          6. Норуот уос номоҕун өйгөр хатаан, тылгар-өскөр
                 туһанарга кыһан.

    Хайгыыр-сэмэлиир тыл-өс:
    биир тыллаах киһи, тылыгар турар, тылын кэспэт, ты-
лын толорор; киһи тылын истибэт, тылын эрэ минньитэр,
уу-хаар тыллаах, тыла таах хаалла, тылыгар турбат, эп-
пит тылыгар харбат киһи.
    Үөрэтэр-такайар тыл-өс:
    киһи тылын иһит, мээнэ тыллаһыма, бас баттах са-
ҥарыма, айахха киирбиччэ этимэ, куһаҕаны саҥарыма,
тылгын-өскүн кыан, киһи тыла иҥниэ (хонуо), быһа этимэ,
тыл дьыалаттан арахсыбат, тыл тыалга быраҕыллыбат,
аҕыйах тыл — минньигэс, элбэх тыл — сымсах; үлэ үксэ,
тыл аҕыйаҕа үчүгэй.
    Чинчилиир-билгэлиир тыл-өс:
    үчүгэй тыллаах-өстөөх киһи, олохтоох тыллаах ыччат,
үүннээх-тэһииннээх этиилээх; киһи тылын долоҕойугар
тохтоппот (туппат), оттомо суох саҥалаах-иҥэлээх, оруо
маһы ортотунан тыллаах, ордук-хоһу тыллаах, куһаҕан
тыллаах, тылыгар киирбит.

                                                                                                              5
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10