Page 4 - Саха тыла 6 кылаас
P. 4
Сымыйа, албын-түөкэй тыл кылгас дьылҕалаах: олоҕо
суоҕа көстөн сотору сүтэр, симэлийэр. Олох сайдыытын
харгыстыыр тылы күөдьүйээтин кытта сонно тута саба
охсуохха. Хаһан да иккиһин күөдьүйбэт, көрдүгэннээбэт
гына. Ити — биһиги соргулаах сорукпут!
С¥БЭ
Òîëêóéäààí áàðàí ñàҥàðàð îðäóê êûàéûûëààõ. Òîҕî?
Òûë — ñүëүһүí: ñàòààí òóòòóáàòàõõà, êèһè өéүí-ñà-
íààòûí, óéóëҕàòûí, ìàéãûòûí-ñèãèëèòèí ñүһүðäýð. Ìàí-
íûê òûë äüîí ñûһûàíûí íàһàà óóñòóãóðäàð: ýéýëýýҕè
ýðãèëëèáýòòèè ýòèһèííýðýð, äîҕîðäóóëàðû àòûðäüàõ ñà-
ëààòûíûû àðààðàð.
2. Бэйиэт судургутук эрээри дьиктитик эппит дии.
Тоҕотун тобулуохха эрэ.
Киһи тыла тииһэ һуок,
Ытырара күүстээк. (Огдо Аксёнова, дулгаан бэйиэтэ)
3. Тыл ситимин ис хоһоонун быһаар. Мунаахсыйдаххына,
дьиэтээҕи дьоҥҥун кытта сүбэлэс.
Сүгэ-балта тыл, ох-батас тыл, үҥүү-үөрбэ тыл, элэ-бы-
ла тыл, истиҥ-иһирэх тыл, ыллыктаах ытык тыл, үүннээх-
тэһииннээх үтүө тыл, кэскиллээх кэрэ тыл, кэхтибэт кэс
тыл, кэһиллибэт кэриэс тыл, сүмэлээх-сүөгэйдээх тыл,
сэттээх-сэлээннээх тыл, иччилээх-илбистээх тыл.
4. Бу эмиэ интэриэһинэй. Суруйааччы барыта тыл
«муҥун» бэркэ билэр. Онон кинилэр тоҕо маннык
этэллэрин кэрэхсээн кэтиир кэскиллээх.
4