Page 8 - Саха тыла 6 кылаас
P. 8

Араҕастаах ас үрдүнэн
                        Айах тутан алҕаатаҕым,
                        Уһун тускул буоллун! (Ксенофонт Уткин)

            III. ЫҺЫАҔЫ ТОҔО НОРУОТ ҮЙЭЛЭЭХ ҮГЭҺЭ
                               ДИЭН ААТТЫЫБЫТЫЙ?

    Ыһыаҕы тоҕо инньэ диэн ааттыыбытый? Мэлдьи хаты-
ланарын, салҕанарын иһин, норуот харыстыыр, сөбүлүүр
оонньуута буоларын иһин. Ыһыах саха норуотун уратытын
көрдөрөр, норуот култууратын утумнаан иһэр көстүүтэ.

    Ол гынан баран ыһыах сорох сиргэ сайыҥҥы спарта-
киадаттан атына суох буолан испитэ. Түмсэн аһыы түһэн
баран, тарҕаһан хаалар түгэн эмиэ баара. Устуоруйа
сындалҕаннаах айаныгар төһөтө быраҕыллан, умнул-
лан, төһөтө сиргэ-буорга тэпсиллэн хаалбыта буолуой?!
Сүнньэ-үөһэ ханна сытарый? Тугун туруулаһан хаалла-
рар, харыстыыр нааданый? Бу – туспа дьоһун чинчийии-
ни эрэйэр боппуруос.

    Ол иһин ыһыах устуоруйатын, этнографиятын, сай-
дан иһэр эстиэтикэтин, диалектикатын, социологиятын
анаан-минээн үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ, суруйуохха наа-
да. Уопсастыба олоҕун сыныйан үөрэтэллэр, салайал-
лар. Оччоҕо тоҕо ыһыах эрэ ыһыллаҕас буолуохтааҕый?
Тыһыынчанан дьон оонньуута, үөрүүтэ-көтүүтэ тоҕо тэрээ-
һинэ суох барыахтааҕый?

    Ыһыах – түҥ былыргыттан олохсуйбут төрүт култуура-
быт сорҕото – тыыннаах тиийэн кэлбитинэн киэн тутта-
быт. (Ксенофонт Уткин)

         11. Сахалыы ас-үөл диэн тиэмэҕэ таайбараҥна оҥор.

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: ымдаан, тар, хайах, ды-
раһааҥка, куйахаламмыт ас, үүккэ буспут чоҕочу, саккаа,
хохту, барча, сыма, күөнэх.

8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13