Page 13 - Саха тыла 6 кылаас
P. 13

Апсаас эмиэ тиэкис курдук саҕалыыр этиилээх. Ол
       апсаастаах этии дэнэр.

           Апсаастаах этии үксүгэр кэрчик тиэмэни бэлиэ-
       тиир аҕыйах тыллаах, судургу этии буолар. Онтон
       салгыы кэрчик тиэмэни арыйар, кэҥэтэр, быһаарар
       этиилэр кэлэллэр. Апсаас бүтэригэр түмүктүүр этии-
       лээх.

 19. Бэриллибит тиэкиһи түөрт апсааска араар, онно баар
         этиилэртэн ылан, араарбыт апсаастаргар аатта биэр.

                                    ХАРАҤАЧЧЫЛАР

    Тубус-туруору сыыр сирэйигэр хараҥаччылар уйала-
наллар. Кинилэр манна сүүһүнэн мунньусталлар. Уйа-
ларын сыырга хороон хастан оҥостоллор. Оҕолор ки-
нилэр уйаларын тыытааччылара, алдьатааччылара суох.
Хараҥаччылар киэһэ өрүскэ мустааччылар. Кинилэр бү-
түн үөрүнэн төттөрү-таары көтөллөр. Арыт уу кырсынан
сырылаһан ааһаллар, арыт биэрэк таас сирэйин кынат-
тарынан таарыйа сыһаллар. Көтөн иһэн, кумаардары,
оҥоойулары, сахсырҕалары тутан сииллэр. Ол быыһыгар,
уу сырдык иэнигэр сыста түһэн, тумустарынан уу иһэн
ааһаллар. Күн киириэн иннинэ, өрүһү кыйа тардыллы-
быт төлөпүөн проводыгар мусталлар. Бастаан уонча,
онтон утум-ситим мустан иһээччилэр. Кэлин сүүһүнэн
хараҥаччылар проводтарга кэккэлээн олороллор. Бары
киирэн эрэр күнү одуулаһаллар. Күн улам киирэн барар.
Оччоҕо хараҥаччылар бүтүн үөрүнэн үөһэ көтөн тахсал-
лар. Өрүһү өксөйөн, көтөн хаалаллар. Ити аата кинилэр
хонук сирдэригэр бардылар. (Иннокентий Сосин)

                                                                                                            13
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18