Page 14 - Саха тыла 6 кылаас
P. 14

4 §. Лиэксикэ

            Саха тылыгар баар тыл барыта лиэксикэ эбэтэр тыл
       баайа дэнэр. Тыл тугу бэлиэтиирэ лиэксикэлии суолтата
       диэн ааттанар. Тиит, кии, уруучука. Хас да лиэксикэ-
       лии суолталаах тыл элбэх суолталааҕынан ааҕыллар. Хо-
       лобурга тылдьыты көрөбүт: аат 4 суолталаах, кэрэгэй —
       эмиэ 4, бар — 9, эбэ — 2. Соҕотох суолталаах тыл төрүт
       суолтатынан эрэ туттуллар. Сорох тыл көнө суолтатын
       таһынан көспүт суолталаах буолуон сөп: Кыра оҕо куос-
       каны тарбаҕынан таарыйар. Ырыа киһи уйулҕатын
       нарыннык таарыйар. Суолтата сүнньүнэн биир, ол гы-
       нан баран араастык этиллэр тыллар синиэньим кэккэтин
       үөскэтэллэр: доҕор, атас, табаарыс; үчүгэй, бэрт, кэрэ.
       Оттон утарыта суолталаах тыллар онтуоньум кэккэтигэр
       киирэллэр: илин — арҕаа; улахан — кыра; бар — кэл;
       элбэх — аҕыйах. Этиллэрэ уонна суруллара биир эрээри,
       суолтата атын тыллар омуоньум буолаллар: саас (дьыл
       кэмэ уонна киһи сааһа); хомус (муусука үстүрүмүөнэ
       уонна от аата).

             Тыл элбэх суолтатын, көспүт суолтаны, синиэньими, он-
         туоньуму, омуоньуму булуу, араарыы этиигэ, тиэкискэ эрэ
        ситиһиллэр. Итиннэ лиэксикэ кырамаатыкалыын сибээһэ көс-
         төр.

 20. Бэлиэтэммит тыл олоҕун булан, суолтатын быһаар. Эл-
         бэх суолталаах тыл суолталарын ырыт.

    Түөлбэ диэн кыра күөлтэн хайа да көтөр арахсыбат.
Оттон атын улахан да күөллэргэ аанньа түспэт. Бу күөл
аһылыктаах, этэҕэлээх. Онон кус, үөһэнэн көтөн иһэн,
күөл уута туох аһылыктааҕын билэр эбит.

    Кыыл, көтөр айылҕаны аһара билэр. Сылгы чыычааҕа
сыл аайы биир сиргэ сымыыттыыр, тураах уйатын хаһан
да сүтэрбэт.

                                                                              (Егор Макаров)

14
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19