Page 19 - Саха тыла 6 кылаас
P. 19

даах аты ылан, онтон байан-тайан, ойох ылан, оҕо төрөтөн,
ыал буолан олорбута эбитэ үһү. Өндүрүйээн атыыһыт, бу
күнтэн ыла баайа баранар, атыыһыттыыра уурайан, хойут
муос тайаҕынан үнэ сылдьан өлбүтэ үһү. (Остуоруйаттан)

 32. Тиэкиһи ис хоһоонноохтук аах. Ыйытыы туруоран,
         үһүс этиини этии чилиэнинэн ырыт. Холобур: Киһи бу
         Орто дойдуга дьоллоноору төрүүр. Ким? Киһи —
         туһаан. Хайыыр? Төрүүр — кэпсиирэ. Ханна? Дойду-
         га — сиһилии. Ханнык? Бу Орто — быһаарыы. Тоҕо?
         Дьоллоноору — сиһилии.

    Нөҥүө саас кэлиитигэр биэлэрэ уонна ынахтара тө-
рөөбүт. Эллэй маһынан сылгы иһитин эгэлгэтин бары-
тын тупсаҕайдык оҥорбут. Ойоҕо Эгэлэй Чынах хатыҥ
туоһун хастаан, сылгы-ынах иһитин эгэлгэтин ойуулаан-
талалаан тикпит. Элбэх туоһу хастаан, ону ууга буһаран,
ойуулаан-оһуордаан, аттаран, ураһа дьиэни аспыт. Ынах-
тарын ыан, онтон сүөгэй, арыы, иэдьэгэй муспуттар. Эл-
лэй халлаан көтөрүн эгэлгэтин, хара тыа булдун эгэлгэ-
тин, уу балыгын эгэлгэтин бултаан мунньан, араас суол
таҥаһы, аһыыр аһы бэлэмнээбит.

                                                                      (Норуот сэһэниттэн)

 33. Сурук бэлиэтин быһаар.

    Арай Көрсүө Көөдөкүс, Сэһэн Сэрбэкэ уонна Мэник
Мэнигийээн диэн ини-бии дьон ийэлэриниин бултаан
аһаан олорбуттар эбит. Бу курдук олорон, арай биирдэ
убайдара Мэник Мэнигийээҥҥэ:

    — Бачча киһи буолуоххар диэри ииттибит, аһаттыбыт.
Онон аны бүгүн эн булка таҕыс! — диэн эппиттэр.

    — Ханна барарбын этэҕит? — диэбит Мэнигийээн.
    — Нохоо, тыаҕа тахсаҕын, — диэбит Көрсүө Көөдөкүс.
    — Онно баран хайыыбын?

                                                                                                            19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24