Page 23 - Саха тыла 6 кылаас
P. 23
хасыһан булан, хостоон таһааран сиэбит. Маны этэн эр-
дэхтэрэ, бэлэмҥэ бэрт диэн.
Маны көрөн, тураах иҥсэтиттэн саллан, сонньуйан эрэ
кэбистим.
(Хаһыаттан)
1. Ханнык саҥа тиибинэн суруллубутуй?
2. Тиэмэтин, сүрүн санаатын быһаар.
3. Тиэкис тутулун, хас кэрчик тиэмэлээҕин, апсааһын
ырыт. Төһө табыллыбыттарый?
4. Этиилэр ситимнэрин быһаар.
5. Тиэкис судургу уонна уустук былаанын оҥор.
6. Учуутал аахпытын суруй.
40. Бу тиэмэлэртэн талан, үллэстэн, тиэкистэ суруйуҥ.
Тиэкистэргитинэн кылаас хаһыатын эбэтэр суру-
наалын оҥоруҥ.
1. Оскуола сонунуттан. 2. Кылаас олоҕуттан. 3. Кы-
лаас киэн туттар үөрэнээччитэ. 4. Сайыҥҥы сынньалаҥ.
5. Эһэм (эбэм) кэпсээнэ. 6. Кини биһиги оскуолабытыгар
үөрэммитэ. 7. Мин аахпыт кинигэм. 8. Ханнык айымньы
дьоруойун ордук сөбүлээтим? 9. Үтүө быһыы холобура.
10. Остуоруйа дойдутугар. 11. Баҕа санаа. 12. Успуорт
сонунуттан.
23