Page 20 - Саха тыла 6 кылаас
P. 20

— Сатанаа! Бу дьиэҥ таһыттан ыла тугу көрсүбүккүн
барытын баска биэрэн ис! Уонна манна аҕал! — дэспит-
тэр, уһун быаны биэрбиттэр. (Остуоруйаттан)

 34. Биир уустаах чилиэҥҥэ сурук бэлиэтин туруоран уһул.

    Биһиги өбүгэлэрбитигэр биир да ойуун удаҕан көр-
бүөччү ичээн үөскээбэтэх. Ыраас Айыы оҕолоро үһүбүт.
Олорор оттуур бултуур сирдэрбитигэр биир да куо-
чайдаах кэрэхтээх тиит суох абааһы олохсуйбат айан
абааһыта тумнан ааһар үтүө дойдута ол баар диэн ойуун-
нар көрүүлэнэллэрэ этэллэрэ үһү.

                                                                                    (Номохтон)

         35. Биир уустаах чилиэн санааны этэргэ туох оруол-
                 лаах дии саныыгыный? Күпүлүөккэ бэлиэтэммити
                 кылгатан этэри кытта тэҥнээн көрүөххүн сөп.

             Мин эһиэхэ баҕарабын:
             Чиргэл муос курдук ыраас,
             Чэгиэн-чэбдик эти-хааны!
             Мин эһиэхэ баҕарабын:
             Сырдык, туруору дабааны,
             Сылайбат киэҥ хардыыны! (Сергей Васильев)

    Т э ҥ н и и р к э р ч и г и ҥ : чэгиэн-чэбдик эти-хаа-
ны; сырдык, туруору дабааны.

 36. Аны туһулууга сурук бэлиэтин туруоруҥ.

    1. — Хайа доҕоор туохтан куттанан, хааныҥ-сииниҥ
алдьанна? — диэбит Түөрэчээн. — Дьэ атаһыам омук-
тар кэлэннэр, туох баарбытын бары кыртылар. ... — Чэ
ийэкээ аһыҥ үтүөтүн астаа, таҥаһыҥ үтүөтүн таҥын.
2. Дьэ атаһыам өрөгөйбүт үрдээтэ, соргубут көтөҕүлүннэ.

20
   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25