Page 22 - Саха тыла 6 кылаас
P. 22
39. Тиэкиһи аах, сорудаҕы толор.
ИҤСЭЛЭЭХ ТУРААХ
Бу түбэлтэ бэрт өрдөөҕүтэ буолбута. Үгэспитинэн кү-
һүн көччөх көппүтүн кэннэ, силбэһэ сытар уот сиэбит
көрдүгэннэрин икки өттүнэн кэрийэн истэхпитинэ, инни-
бититтэн икки көҕөн от быыһыттан көтөн талыбыраһан
таҕыстылар. Биһиги, саабытын бэлэм тутан иһэр буо-
ламмыт, утуу-субуу ытан тибиргэттибит. Анараа киһим
биир ытыынан куһун охтордо, мин, иккитэ субуруччу
батыһыннаран баран, мэлийдим. Ыппыт куһум, туох да
буолбатаҕын курдук, сыыйа эргийэ көтөн, кэлбит сирин
диэки куһугуруу турда. Мин, батыһыннары көрөн турдах-
пына, тыа саҕатыгар үөккэ олорор тураах куһу эккирэтэн,
тиэтэйэ-саарайа көтөн даллаахтаата.
Кус сыыйа намтаан, табыгастаах сири көрдүүрдүү туо-
раан тахсан, хойуу оттоох, хомустаах тумулга тиийэн
түһэрин кытта, тураах саҥара-саҥара эргийдэ уонна кус
түспүт сирин бэлиэтии көрбүттүү, чугас үөккэ баран түс-
тэ; дааҕырҕаата, тумсун үөккэ туора-таары сотунна, кы-
натын оҥоһунна.
Биһиги, төннүөхпүтүн сүрэҕэлдьээн, салгыы бултуу бар-
дыбыт. Ол күн хас да кустанан, дьиэбитигэр үөрэ-көтө
тиийдибит.
Ити итинэн ааста.
Хас да хонон бараммын, соҕотоҕун кустуу сылдьан,
ыппыт куһум түспүт тумулугар, ууну кэһэн киирэммин,
от хаптаччы тэпсиллибитин бэлиэтии көрдүм. Кус түүтэ
бурҕайбыт, дьардьаматын уҥуоҕа ууга соһуллубут. Си-
рийэн көрбүтүм, бааһырбыт кус от быыһыгар түһэн, дул-
ҕа сиэлин анныгар киирэн өлбүт. Ону тураах кэтэһэн
олорон, биһиги барарбытын кытта буолуо, анаан-минээн
22