Page 26 - Саха тыла 6 кылаас
P. 26
хааламмын, сыыр үрдүгэр тардан кэбиспэтэҕим» дии са-
ныыр Байыкка уонна ол харалтата суох хаалбыт бааты
өрүһүйэр туһунан былааннаммыта хас да хонно.
(Николай Заболоцкай)
42. Кэмэрсээн эбэтэр көмпүүтэргэ үлэлиир дьон туттар
идэ тылын санаан суруй. Төрөппүттэриҥ идэлэрин
интэриэһиргээн, кинилэр анал туһанар тылларын
ыйыталаһарга, сүбэлэтэргэ кыһан.
43. Түөлбэ тылы төһө билэҕин? Булчут саанан тугу
ыппытый?
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р : Чыҥыркааны, кунньал-
гыны, сулуруону, каакшаны.
Ситимнээх саҥа
СЭҺЭРГЭЭҺИН
Киһи тугу билбитин-көрбүтүн, санаатын-баҕатын этэрэ, кэп-
сиирэ сэһэргээһин диэн ааттанар.
Уус-уран айымньы арааһа: кэпсээн, сэһэн, остуоруйа, үгэ,
поэма, номох — сэһэргээһин тиибигэр киирэр. Хаһыакка тах-
сар ыстатыйа, иһитиннэрии, репортаж, бэлиэтээһин, уочарка,
фельетон эмиэ сэһэргээһин тиибигэр сөп түбэһэр.
Сэһэргээһин үксүгэр маннык тутуллаах буолар:
1. Түбэлтэ буолар сирин, кэмин туһунан этии.
2. Сүрүн дьоруойдары билиһиннэрии.
3. Туох түбэлтэ буолбутун, тугунан бүппүтүн сааһылаан кэп-
сээһин.
4. Түмүк санаа.
44. Тиэкиһи ааҕыҥ, ырытан көрүҥ. Бэлиэтэммит икки этии-
ни этии чилиэнинэн ырытыҥ. Болдьох бэлиэнэн анны-
нан тардыҥ.
26