Page 25 - Саха тыла 6 кылаас
P. 25

41. Аах. Уопсай туттуллар тылтан атын тыл баар дуо?

    I. Ол кэмҥэ Чоочо Баһылай уолаттарыныын бары биир
дьиэҕэ мунньустан, сэптээх дьону харабыл мунньан, син
киһи эрэ буоллар, куттанан-сэрэнэн олорбуттар. Ону ис-
тэн-билэн, Манчаары дьиэлэригэр киирбэтэх. Кини диэ-
ки санаалаах күүс-көмө буолар дьон син элбэхтэр буолан
баран, киниэхэ аһаҕастык көмөлөспөттөр. Ол иһин хара-
быллаах, сэптээх, оҥостуулаах ыалга соҕотоҕун киирбэт.

                                                                      (Норуот сэһэниттэн)

                                      С¥БЭ

       Òүөëáý òûëû áûһààðûû ñîðîҕîð òèýêèñêý áýðèëëýð.
   Áûһààðûûòà áýðèëëèáýòýõ òûë ñóîëòàòûí áûһààðûû-
   ëààõ òûëäüûòòàí áóëàҕûí.

    II. Олоохуналары саастарыгар истибэтэх дьоҥҥо Көс-
төкүүн кэпсэтэр тыла, саҥарар саҥата даҕаны олус муода
этэ. Ол курдук сүттэ диэн тыла «түстэ», сөтүөлүү бардым
диирин оннугар «түһүөлүү бардым». Бөдөҥ, халыҥ-искэҥ
киһини «модьу киһи», туос мэһэмээни «ыстакаан» диэн
ааттыыра. Аҕаһын Ыстапаанньаны ол иһин Одунча дьах-
таллара Ыстакааннаах Ыстапаанньа диэн ааттаабыттар.
Ньаалбаан диэни «чаалбаан», чааскыны — «чааккы», дү-
лүҥ оҥочону «тыы» диэн ааттыыра. (Күннүк Уурастыырап)

    III. Байыкка оҕонньор күһүн өрө тардыллыбакка сыыр
анныгар сытан хаалбыт тыытын (манна этэллэринэн, баа-
тын), эбэтин төһө да ытыктаатар, бэлэх биэрэн ыытыан
туох иһин баҕарбат. «Сайын баат наада, балыктыы, от-
туу арыыга тиэстэр кэмнээх буолуо дуо? Күһүн ыалдьан

                                                                                                            25
   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30