Page 18 - Саха тыла 6 кылаас
P. 18
сааҕа табыллыбыттыы, үс куба, үөрдэриттэн быстан, аллара
санньылыһан бардылар. Анныларыгар күөл мэндээрэ сытар.
Үөртэн биир куба туораата уонна, тугу эрэ умнубуттуу дуу,
тугу эрэ хаалбыт доҕотторугар «этээри» дуу, төттөрү көтөн
кэллэ. Мин өйдөөбөккө доҕорум диэки көрдүм.
— Ити — оҕо кубалар, сындалҕаннаах уһун айаҥҥа
ситэ кытаата илик кынаттарын сэниэтэ эстэн, сынньана,
аһыы, үөрдэриттэн быстан хааллылар. Онуоха ийэлэрэ
эрэйдээх оҕолоругар төннөн кэллэ. Сүрэҕин быһан ылан
быраҕыа баара дуо? Аһаан, сынньанан баран, оҕолорун
сирдээн, айанын салгыаҕа, — доҕорум кэпсии истэ.
Ийэ сүрэҕэ, ийэ аһыныгас сүрэҕэ — мин сүрэҕим
нүөлүйбэхтээн ылла. Ханна да сырыттарбыт, ханна да
тиийдэрбит, ийэ барахсан сүрэҕин истиҥ иэйиитин би-
лэбит эбээт!
(Хаһыаттан)
30. Аукцион. Ситим тыллары туһанан, 3–4 апсаастаах
тиэкистэ оҥор. Ким бүтэһик толкуйдаабыт — ол
кыайар.
5 §. Сиинтэксис
31. Этии кырамаатыкалыы олоҕун ый, судургу эбэтэр хол-
буу этии буоларын быһаар. Өйдөөбөт тылгын ыйыт.
Сүбэ бөҕөнү сүбэлииллэр, суукка баран үҥсүҥ диэн.
Сүүс киһи сүбэтэ бухатыыр буолар. Сарсыныгар суут
бөҕө буолар. Өндүрүйээн атыыһыт туоһу бөҕөнү туруо-
рар, Кэлиэкэ эмиэ туоһу бөҕөнү туруорар. Суут уурааҕын
ааҕаллар: ат Кэлиэкэ киэнэ буолар.
Бу күнтэн ыла Кэлиэкэ икки бэрэмэдэйгэ толору симил-
либит табаардаах, түүлээхтээх, харчылаах, көмүс ыҥыыр-
18