Page 11 - Саха тыла 6 кылаас
P. 11

15. Таабырыннаһыҥ.

    I. Дорҕоон (фонема) тыл саамай төрүтэ буоларын санатыһыҥ.

    1. Аан дойду айаатыыр оҕуһа баар үһү. 2. Уустук дор-
ҕооммун диэн улуутуйар баар үһү. 3. Ыксал түгэҥҥэ ытаһа
буолар баар үһү. 4. Убайыттан уҥуоҕунан уһун баар үһү.
5. Күүһүнэн күөмчүлэһэр күтүр күрэх баар үһү.

    II. Маны сынньана таарыйа дьиэҕэр таай. Кыайбатаххына, дьоҥҥун
         көмөлөһүннэриэххин сөп.

    1. Оройго охсуллар орой мэник баар үһү. 2. Илин-кэлин
түсүһэн иллээхтик олоробут дэһэр доҕордуулар бааллар
үһү. 3. Саҥардыҥ да көтөн-сүтэн хаалары үйэтитэр үтүө
бэлиэбин диир баар үһү. 4. Сүгэнэн да суорбаккын диэн
улуутуйааччы баар үһү.

      3 §. Тыл олоҕо уонна сыһыарыыта

         16. Бэлиэтэммит тыл олоҕун уонна сыһыарыытын бул.
                 Ырытаргар өйгөр ыйытыы туруорарыҥ көмөлөөх.
                 Холобур: сэбирдэхтэрин < сэбирдэх + лэр + э + н.

    Дьөгүөрдээн эргиччи турар тыа араҕас өҥнөммүтүн
кэннэ, хочо хордоҕойдоругар турар хатыҥнар сарбын-
ньахтаах саһархай сэбирдэхтэрин тэлээриччи түһэртии
турдахтарына, оҕолорун Микиитэни уонна Өлөксөйү икки
ньилбэгэр көтөҕөн олорон, сыллаан-уураан баран, саас
биирдэ эргиллиэх буолан, ыраах сиргэ айанныыра тиийэн
кэллэҕинэ, улахан хомолтолоох суол буолар эбит.

    Лэглээрдэр балаҕаннарын таһыгар тахсан турдулар.
Дьөгүөрдээн, эргэ куулу кыбыммытынан саҥата суох тур-
бахтаан баран, таба бэргэһэтин сулбу тардан ылла уон-
на дьонун уураталаата. (Амма Аччыгыйа)

                                                                                                            11
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16