Page 6 - Саха тыла 6 кылаас
P. 6
Тыл — сиэрдээх майгы кэрэһитэ:
киһи тыла тахсыбат, этиэхпин тылым барбат, тылым
өҕүллүбэт, тылын быһа гымматым; тылын биэрдэ, эппит
тылгын төттөрү ыл.
Сэрэтэр тыл-өс:
тыл барда — тыһыынча барда, албын тыла сыатааҕар
(мүөттээҕэр) минньигэс, албын киһи тыла уҥуоҕа суох,
сэтэрээбитиҥ бэйэҕэр кэлиэ.
7. Тыл сырдык да, хараҥа да күүстээҕэ түҥ былыр-
гыттан биллэр. Эн санааҕар, хайата баһыйарый?
Этэргин тугунан матыыптыыгыный?
8. Ханнык тылы-өһү тыл — уот, сүлүһүн (дьаат)
диэн этиэххэ сөбүй? Оттон бу этиини хайдах
өйдүүгүнүй?
Уһун тылынан ууну таһыйар уот араатар.
9. Өс хоһоонун ситэрэн суруй. Тыл туох бэлиэтин
туһунан этиллэрий? Билбэт тылгын ыйыт.
1. Бар дьон тыла ... , санаата ... . 2. Ох тыл ... тэҥнээх.
3. Алгыс баһа ... , кырыыс баһа ... . 4. Киһи тыла ... , киһи
тыла ... . 5. Этэр тыл ... , саҥарар тыл ... . 6. Уус тыл уу
күүһэ ... .
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р : ох, күүс, сыа, эҕэ, сата,
сэт, сүлүһүн, уот, хаан, батас.
Ситимнээх саҥа
10. Хайа кэрчик сэһэргээһин, ойуулааһын уонна тойон-
нооһун буоларын быһаар. Хайа тиэкискэ туох? хай-
дах этэй? тоҕо? диэн ыйытыыны туруоруохха сөбүн
эт. Сэһэргээһин, ойуулааһын уонна тойоннооһун тиэ-
кистэр бэйэ-бэйэлэриттэн туох уратылаахтарый?
6