Page 3 - Саха тыла 6 кылаас
P. 3

ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ — ОМУК УРАТЫТА

                    1 §. Төрөөбүт тыл

  1. Аах. Төрөөбүт тыл туох суолталааҕын толкуйдаан эт.

    I. Тыл — норуот кута-сүрэ. Тыла сүттэ да норуот
сүтэр. Кини тыла тыыннааҕын тухары эрэ тыыннаах.
… Билигин кимиэхэ баҕарар дьэҥкэ: төрөөбүт норуота
өлүө-сүтүө суоҕун, инникитин өссө барҕара сайдыаҕын
баҕарар киһи, бастатан туран, төрөөбүт тыла кэхтибэти-
гэр, силигилии үүнэ турарыгар кыһаллыахтаах.

                                                               (Софрон Данилов)

    II. Оттон бу миэхэ ийэм биэрбит тыла,
             Олоҕум тыла,
             Тапталым тыла —
             Мин төрүт тылым, мин ийэ тылым
             Саргылаах сахам
             Саҥата буолар.
             Өлбөт мэҥэ
             Тылбыттан булабын
             Ааспыт кэмнэр
             Айыы санааларын,
             Бүгүҥҥү күнүм көмүс түгэннэрин,
             Кэлэр кэмнэр кэтит кэриҥнэрин.
                                                                 (Семён Данилов)

    III. «Киһи тыла — уот» диир өспүт хоһооно. Ол иһин
уоту уот курдук сэрэнэн туттуохха. Үтүөнү, кэрэни айхал-
лыыр, куһаҕаны, сидьиҥи саралыыр кырдьыктаах тыл эрэ
өлбөт үйэлээх. Ону сайыннаран, күөдьүтэн иһиэхтээхпит.
Ити — биһиги ытык иэспит!

                                                                                                              3
   1   2   3   4   5   6   7   8