Page 7 - Саха тыла 6 кылаас
P. 7

I. ЫҺЫАХ — НОРУОТ ҮГЭҺЭ

    Саха норуота киэн туттар элбэх кэрэ үгэстээх. Онтон
биирдэстэрэ — ыһыах. Саха киһитэ сайынын санаатаҕына,
ыһыаҕын ахтар. Ыһыах былыр-былыргыттан күүтүүлээх
күндү ыалдьыт кэриэтэ.

    Ыһыаҕы аан бастаан £лүөнэ орто сүнньүгэр олохсуйбут
Эллэй Боотур ыспыта диэн номоххо кэпсэнэр. Сахалар ким
төһө кыахтааҕынан Кулун ыһыаҕа (Туҥуй ыһыаҕа), Эбир
ыһыаҕа, Дэлэй ыһыаҕа диэн араастаан тэрийэллэр эбит.

    Ыһыах бэс ыйыгар, сахалыы өйдөбүлүнэн тунах ыйы-
гар, ыһыллар. От көбөөн, биэ тутар, кымыс көөнньөр
буолбутун кэннэ бииргэ мустан, түһүлгэлээн аһыыллар,
араас көрү-нары тэрийэллэр.

    Билигин тэлэбиидэнньэ көмөтүнэн ыһыах сураҕа-са-
дьыга ыраатта. Ыҥырыылаах ытык ыалдьыт сыл ахсын
элбээн иһэр. Национальнай оонньуу, чахчы даҕаны, ин-
тернациональнай хабааннанна.

                                                               (Ксенофонт Уткин)

       II. ЫҺЫАХ АЛГЫҺА

Аан ийэ дойдум
Айылгылаах далбарыгар
Аһыныгас санаалаах
Айыым дьонноро
Чороон айаҕы чуоҕутан,
Кэриэн айаҕы кэккэлэтэн,
Сири иһиттэри сириэдитэн,
Сылгы кымыһынан толорон,
Ырыалаах ыһыаҕы тэрийдибит,
Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттээтибит.
Дойду иччитэ Толоон Баай!
Бэттэх көрөн мичик аллай!
Күнү көрөн күлүм аллай!

                                    7
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12