Page 35 - Саха тыла 6 кылаас
P. 35
Сомоҕо домох биир ыйытыыга хоруйдуур, этиигэ биир чи-
лиэн буолар. Тылын араардахха эбэтэр солбуйдахха, суолтата
уларыйар эбэтэр төрүт да сүтэр.
Сомоҕо домох өйдөбүл иккис аата буолар. Онон синиэ-
ньим кэккэтигэр киирэр: ырбыт, дьүдьэйбит, аҥаара хаал-
быт, уҥуохтаах тириитэ эрэ орпут. Уобарастаан этэр уон-
на дорҕоон дьүөрэлэһиитин тутуһар буолан, ордук уус-уран,
сытыы, киһиэхэ тиийимтиэ. Ону сэргэ көннөрү тыллааҕар
үксүгэр киэҥ суолталаах буолар. Холобур, тэҥнээ: ордук-хоһу
саҥалаах — бас баттах тыллаах, киһини өһүргэтэр, хомотор
курдук, туттуммакка саҥарар. Онон кэпсэтии тылыгар, норуот
айымньытыгар, уус-уран литератураҕа үгүстүк көстөр, бэркэ
биһирэнэр.
Н.С. Григорьев «Саха тылын сомоҕо домоҕун тылдьыта»
(1974 с.) диэн кинигэтигэр 3000 кэриҥэ сомоҕо домох ха-
быллыбыта. Кэлин кини туйаҕын хатарбыт А.Г. Нелунов икки
туомнаах тылдьытыгар («Якутско-русский фразеологический
словарь», I, 1998 с.; II, 2002 с.) 5000 тахса сомоҕо домох кии-
рэр. Бу биһиги ийэ тылбыт биир умсугутар этигэн ньымата,
дьикти уратыта уонна барҕа баайа буолар.
55. Сомоҕо домоҕу булан, суолтатын быһаар. Көннөрү
тылынан солбуйан, этии хайдах уларыйарын тэҥ-
нээн көр.
1. Аҕам көрдөҕүнэ, киһитин сирэйэ-хараҕа турбут. 2. Чып-
чылыйыах бэтэрээ өттүгэр элбэх нуучча, ол иһигэр хас да
саха буойуннара, ийэм аттыгар баар буола түспүттэрэ.
3. Хантан истиэмий, оттон Көөстөөнтөн, бөлүүн бииргэ ала
кулуну төрөтөн быһыкка хоммут доҕоргуттан!.. 4. Аны өссө
кини айаҕын баһын кыанара баҕалаах. 5. Оттон бэйэтин
миинэр миҥэтин, тардыстар талаһатын, уһун киэһэни быһа
өрүһүйэ сатаабыт эргэ тыытын туһунан эттэххэ — ол эмиэ
суола тоҥмут этэ. 6. Хаһыытыырбар күөмэйим бүттэ.
(Николай Заболоцкай)
56. Сомоҕо домох суолтатын быһаар. ¥с этиитэ толкуйдаа.
Аллараа сыҥаах буолар, быар куустан олорума, быа-
35