Page 37 - Саха тыла 6 кылаас
P. 37
муннунан да, айаҕынан да тыыммат, тилэҕэ хараарда,
хабарҕата хайдарынан, ытыһын сотунна.
61. Дьүөрэлэһэр (синиэньимнэһэр) сомоҕо домохтор
уратылаһаллар дуо? Ханнык тылы солбуйалларын
таарыччы санатыһыахха.
1. Тииҥ мэйии, бэдэр мэйии. 2. Улар мэйии, хоҥхо
бас, көмүрүө мэйии, көҥдөй көҕүс, хоҥ мэйии. 3. Буут
биэр, атахха биллэр, тыас хомун, тилэҕиҥ хараар, көх-
сүгүн көрдөр. 4. Таала кырыыланар, тимир (эһэ-бөрө)
тириитин кэппит, иһигэр былас муостаах киирбит, хаана
оргуйар (кыынньар, хойдор), эһэ-бөрө буолла.
Ситимнээх саҥа
ЫСТАТЫЙА
Туох эмэ тэрээһин, түбэлтэ туһунан сиһилии сырдатар сэ-
һэргээһин ыстатыйа дэнэр. Ыстатыйа киэҥ ис хоһоонноох,
киһиэхэ тиийимтиэ тыллаах-өстөөх суруйуу буолар. Хаһыакка,
сурунаалга элбэхтик бэчээттэнэр. Ыстатыйаны араадьыйанан,
тэлэбиидэнньэнэн биэриэххэ эмиэ сөп.
62. «Кэскил» хаһыат ыстатыйатын аах. Аата тугу көрдө-
рөрүй (тиэмэни дуу, сүрүн санааны дуу)? Ааптар тиэ-
мэни төһө толору арыйбытый? Тиэкис чыпчаалын бу-
луохха сөп дуо? Ыстатыйа кэпсээнтэн туох уратылаах
дии санаатыҥ?
ҮӨДЭЙИМ ДЬЭДЬЭН КУРДУК
Урут «Биһиги Үөдэйбит сарсыҥҥыта» диэн өйтөн су-
руйбуппут. Ким эрэ Үөдэйбит кэнэҕэс улахан таас дьиэ-
лэрдээх, аспаал уулуссалардаах, улахан киин сир буо-
37