Page 41 - Саха тыла 6 кылаас
P. 41
МОРПОЛУОГУЙА
Кырамаатыка оннооҕор ыраахтааҕыны модьуйар
(Грамматика даже повелевает царями).
Мольер
Кырамаатыка – тыл үөрэҕин саамай улахан са-
лаата. Тыл уопсай тутулун үөрэтэр. Тутула, халыыба
суох суолта суох. Кырамаатыка тылы сайыннарар,
санааны бэргэнник этэргэ көмөлөһөр, ситимнээх-
тик саҥарыы бастыҥ ньымата буолар. Бэйэтэ икки
салаалаах: морполуогуйа уонна сиинтэксис.
Морполуогуйа — тылы үөрэтэр билим биир уус-
тук салаата. Бу үөрэх саҥа чаастарын, олор үөскүүр,
уларыйар халыыптарын быһаарар.
9 §. Саҥа чааһа
Тыл төрүт суолтатынан, хайдах уларыйарынан, этиигэ тут-
тулларынан атын тылтан уратылаах буолар. Итиннэ олоҕуран
тыллары тус-туспа бөлөххө араараллар. Ону саҥа чааһа диэн
ааттанар. Холобур, барамайы бэлиэтиир саҥа чааһа аат тыл
буолар, оттон хайааһыны туохтуур көрдөрөр.
Саха тылыгар маннык саҥа чаастара бааллар:
I. Уларыйар саҥа чааһа
· Аат бөлөҕө
1. Аат тыл (Күннэй, мохсоҕол, алыһар, кэнчээри,
хатыыс, эйэ, ил-эйэ).
2. Даҕаһын аат (күөх, күөхтүҥү, күөх да күөх,
саҥаһыар, сып-сырдык, сырдыык-сырдык, сыр-
дыктан сырдык).
3. Ахсаан аат (тоҕус, онус, уонча, алталыы, биэс
гыммыт иккитэ).
4. Солбуйар аат (биһиги/биһи/, ол/оол/, эйиэнэ,
41