Page 43 - Саха тыла 6 кылаас
P. 43

гас Сүөдэркэ, Халба Дьэкиим, Хара Мэхээлэ, Сүөдэс
Сүөдэр, Туохтаабыт, Супту Түһэр, Бэбээрэр кулуба,
Күлүк Сүөдэр, Мээчик Бигэ, Кымаах Баһылай.

         70. Тардыылаах аат тыл түһүгүн ыйыҥ. Сэмсэ сору-
                 дах: ханнык чилиэн биир уустаах буолбутуй?

    1. Норуот дьулуурун өргөһүн, норуот сүрэҕин төлөнүн
иҥэринэн үөскээбит, үүммүт дьон ортотуттан дьоруойдар
тахсаллар. 2. Биллибэтинэн сылдьан, дьиҥнээх доҕордо-
һуу сылаас иэйиитэ эдэр сүрэххэ сайдан, дириҥээн ба-
рар. 3. Киһи көхсүгэр көстө сылдьар кыната суох. Кини
кыната — өйүн, сүрэҕин дьулуура. 4. Аһыыр ас дьон санаа-
тын, дьон майгытын, эйэтин батыһар. 5. Сарсыардаҥ са-
таҕайдык саҕаланнаҕына, күнүҥ бүтүннүү да табыллы-
бат. 6. Ханна олохсуйаҕын, үлэлиигин, ханна оҕолоруҥ
төрүүллэр, ол сир баар — эйиэхэ саамай үтүө сир диэн!

                                                                           (Амма Аччыгыйа)

         71. Сомоҕо домох ханнык аат тылы солбуйарын ыйыҥ,
                 суолтатын быһаарыҥ.

    1. Икки атах, этэрбэс араадьыйата, мэҥэ халлаан, хос
куолай, уу кыһыл оҕо, иһин эриэнэ, эр бэрдэ.

    2. Айах адаҕата, атах соболоҥо, ыллыктаах тыл, билэр
күөлүм балыга, сүрэх-бэлэс киһи, хааннаах хара көлөһүн.

         72. Тутулунан аат тылынан ааҕыллар сомоҕо домох
                 суолтатынан ханнык саҥа чааһа буолуон сөбүй?

    Уот бэлэс; килэгир харах; хамсалаах табах быстыҥа;
тимир илии; ыт кэлин тыһа; атыыр оҕус алтаҕа, хат дьах-
тар хаамыыта; тоҥ күөс быстыҥа; тииҥ мэйии.

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р: бэрт кылгас кэмҥэ; сы-
тыы тыллаах; өр, уһуннук; өйдөөх; олус бытаан; кэччэгэй;
акаары; букатын куһаҕан.

                                                                                                            43
   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48