Page 48 - Саха тыла 6 кылаас
P. 48
2. Хас да тыллаах анал аат бастакы уонна сүрүн
суолталаах тыла улахан буукубаттан суруллар, холо-
бур: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академията,
«Ийэ тыл» түмсүү, «Саха кэскилэ» хамсааһын, «Би-
лии» уопсастыба, Төрөөбүт тыл күнэ, «Азия оҕолоро»
оонньуу, Аан дойду дьахталларын күнэ, Аҕа дойду
Улуу сэриитэ, Ил Түмэн, Арассыыйа Үрдүкү суута,
Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьана, «Бо-
чуот Знага» уордьан.
3. Сир-дойду икки тыллаах сахалыы анал ааттара
дэпииһэ суох иккиэн улахан буукубаттан суруллал-
лар, холобур: Үөһээ Бүлүү, Ытык Күөл, Улуу Сыһыы,
Тулагы Киллэм, Эбээн Бытантай, Сылгы Ыытар, То-
йон Уйалаах.
78. Анал ааттары туттан, «Хаҥалас кэрэ сирдэрэ» диэн
тиэмэҕэ кэпсэтиһиҥ (хаартысканан сирдэтиҥ).
Киһи толору аата бүтүннүү улахан буукубаттан саҕаланар:
Майаҕатта Бэрт Хара, Эллэй Боотур, Слепцов Пётр
Алексеевич, Эрилик Эристиин, Сиэн Чолбодук, Алаас От.
79. Бэлиэтэммит тылы састаабынан ырытыҥ. Холо-
бур, маннык ырытыахха сөп: аатын < аат + а +
н. (Итиннэ эбии сыһыарыы арааһын ыйдаххына,
олус бэрт буолуо этэ: а – тардыы сыһ., н – туохтуу
түһүк сыһ.).
ХОТОЙ
Былыргыттан саха тыҥырахтаах көтөрдөрү: элиэни,
суору, мохсоҕолу, кырбыйы — бултаспат, өлөрбөт. Ити
көтөрдөрү өлөрөр, бултаһар аньыынан ааҕыллар.
48