Page 49 - Саха тыла 6 кылаас
P. 49

Уһулуччу ытыктанар көтөр хотой буолар. Кинини ытык-
таан, аатын мээнэ хотой дэммэт, Аҕа Тойон дииллэр.
Тойону бултаныллыбат, уйатын тыытыллыбат. Уйата баар
сирин чугаһыгар айдаарыллыбат.

    Хотой — Үрүҥ Аар Тойон көтөрө. Ол иһин саха олус
ытыктыыр. Итини сахалыы өйдөөх-санаалаах киһи өй-
дүөхтээх. Оннооҕор тоҥсоҕойуҥ, киргилиҥ ымыылаах.

                                                                                 (Үһүйээнтэн)

       1. Аҕа Тойон тоҕо улахан буукубаттан суруллубутуй?
       2. Бу аахпыт тиэкискэр майгыннатан, таптыыр көтөрүҥ

             туһунан айан суруй.

         80. Уопсай аат тылтан үөскээбит хас да анал ааты бу-
                лан эт. Ону туһанан иккилии этиитэ толкуйдаа.

         81. «Тыл тиэрминэ» биктэриинэ ыйытыыларыгар хо-
                 руйдааҥ.

    1. Саха тылын баайа?
    2. Чочуллубут, нуормаламмыт тыл?
    3. Олоххо-дьаһахха күннэтэ туттуллар тыл?
    4. Сир-дойду аатын чинчийэр үөрэх?
    5. Атын омук тылын үкчү үтүгүннэрэн үөскэтэр тыл?
    6. Билиҥҥи олоххо, кэпсэтиигэ туттуллубат буолбут

        тыл?
    7. Олох сайдыытын батыһан үөскүүр тыл?
    8. Сомоҕо домоҕу анаан үөрэтэр салаа?
    9. Уруулуу суолталаах тыллар?
    10. Атын саҥа чааһа аат тылга көһүүтэ?

         82. Саамай элбэх суолталаах аат тылы булуҥ. Сэмсэ
                 үлэ: ол тыл суолтатын дьиэҕэ быһаарыылаах тыл-
                 дьыттан көрүҥ.

    Умнас, эҕэ, дьыала, иитимньи, тыл, сыдьаан, тимир.

                                                                                                            49
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54