Page 54 - Саха тыла 6 кылаас
P. 54

Дьураа-дьараа көҕүстээх моҕотой обургу кыстык аһы-
лыгын хаһаанан ырааппыт, киэҥ-куоҥ дуолугар онуоха-
маныаха диэри көҥүл көрүлүү көччүйбэхтиир. Өйдөөн
көрдөххө, күһүҥҥү да буоллар, тулабыт син эмиэ сып-
сырдык, чэп-чэмэлгэн, олус сэргэх. Ураты чэлгийэ көстөр
отон уга, араас сэбирдэх, от күкээркэй, эмиэ да кыһыл
дьарҕаа, алтан манньыат ыһыллыбыттарын курдук.

    Аалыы көмүс дуйдаах айылҕам, үтүмэн үтүөҥ-кэрэҥ то-
ролуйа тупсарын бүгүн эрэ сирийэн көрбүччэ үөрдүм. Сиэ-
дэрэй күһүн, көстүүҥ ситэн кэпсэммэт дэлэгэй, баһан ылар
быйаҥыҥ балысхан, таалалатар сириҥ киэҥ-куоҥ даҕаны.

                                                               (Иннокентий Прудецкай)

         11 §. Аат тыл үөскүүр ньымата

         91. Бэлиэтэммит тыллар уратылаахтар дуо? Тоҕо ин-
                 ньэ дии саныыгыный?

    Ырыа — олох аргыһа. Былыр ырыаһыты дьоло суох
дииллэрэ, оттон билигин толору дьоллоох. Кырдьаҕас
эдьиийбэр илиинэн суруллубут ырыанньык баара. Дьо-
ро киэһэҕэ ырыа-тойук көхтөөхтүк дьиэрэйдэ.

             Аат тыл биир бэлиэ ньымата — туспа, ураты сыһыарыы.
         Хас биирдии сыһыарыы анал суолталаах.

             Аат тыл бэйэтиттэн (-һыт, -чык, -чаан, о.д.а.) уонна туох-
         тууртан (-ыы, -ааччы, -ааһын, -был, о.д.а.) үөскүүр. Саамай
        үөскэмэй сыһыарыы туохтууртан ааты үөскэтэр -ыы буолар.

             Бу сыһыарыы бүтэй дорҕоонунан бүтэр туохтуур олоҕор
         эбиллэр: тал + ыы > талыы, утуй + уу > утуйуу.

             Сыһыарыы аат тылга сонун суолтаны иҥэрэр. Онон бу
         саҥа чааһын ис хоһоонун кэҥэтэр:
         — идэ, дьарык: маныыһыт, тутааччы, дуобатчыт, уруһуйдьут;
         — кыратытыы-атаахтатыы, эйэргээһин: чуораанчык, муорака,

            Уйбаачаан, оҕоко(м), эбэкэ(м), туллукчаан;
         — хайааһын аата: олоруу, тардыы, кыһаныы, тохтобул,

            сынньалаҥ, оттооһун;
         — хайааччы аата: этээччи, суруксут, утуйуохсут.

54
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59