Page 58 - Саха тыла 6 кылаас
P. 58
элбэх чалбах; үҥкүү-битии — үҥкүүлэр, үҥкүү бөҕө, эҥин
араас үҥкүү; ырыа-хоһоон — ырыалар, ырыа, хоһоон; таҥас-
сап — таҥастар, араас таҥас; киһи-сүөһү — дьон, киһи бөҕө;
саҥа-иҥэ — саҥалар, ол-бу саҥа, араас кэпсэтии.
Икки тыл холбоһон саҥа тылы үөскэтэрэ баар. Ону атта-
рыы быһыытынан өйдүүллэр. Саха тылыгар бу ньыма киэҥник
туттуллар. Холобур: сугун абаҕата, хагдаҥ эһэ, көмпүүтэргэ
бэчээттээһин, сүгэ сүппүт.
100. Аттарыы ханнык тыл ситимигэр олоҕурбутун ый.
1. Урут оҕолор баҕа батаһынан бырахса оонньуул-
лара. 2. Кимиэхэ баҕарар күн тахсыыта өрүү күндү,
кэрэ. 3. Ырыа-тойук тыкаарам, ыллыах-туойуох гита-
рам! 4. Биэ кулуннаабыт күөлүгэр кус-хаас саас аайы
хойуутук түһэр. 5. Күнү-дьылы билгэлээһин тыа сирин
олохтооҕор наһаа наадалаах. 6. Сир-сир сибэккинэн си-
лигилии симэммитэ кэрэтиэн! 7. Саха сирин элбэх дьик-
тититтэн биирдэһэ ирбэт тоҥ буолар.
101. Бэлиэтэммит тыл хайдах үөскээбитин ыйыҥ.
1. Саас аайы куска сааланыыны эр дьон букатын
эрдэттэн күүтэллэр. 2. Сайылыкка тахсар ыалы сылгы
чыычааҕа бастакынан эҕэрдэлии көрсөр. 3. Бэрт киһи
бэлиэлээх үһү (хара саһыл). 4. Уол оҕо хараҕа буур
тайахха туолар. 5. Ыал-ыал аайы ытыс тоһуйааччы
баар үһү (таҥас ыйыыр). 6. Сүгэ-балта тыл ылын-
нарыылаах да, дьаҕырыйыылаах да буолааччы. 7. Уол
оҕо дьоло — Орто дойду буоругар. 8. Биһиги дойду-
бут айылҕа баайынан аан дойдуга аатырыан аатырар.
9. Билигин айылҕаны харыстааһын туһугар аан дойду
үрдүнэн тэрээһиннээхтик туруналлар.
58