Page 59 - Саха тыла 6 кылаас
P. 59

102. 1. Бу тыллар хайдах үөскээбиттэрий: үөттүрэх,
                 олоппос, суостуган, Эрсан, Уруйдаана, күннүк.
                 2. Хайата ордук дии саныыгын? Айталыына —
                 Айталыын (куо) — Айталыын Куо — Айталыын
                 Куо, Айталы Куо.

         103. Хайата ордугун тойоннооҥ.

    Тардыы ситимэ — тардыылаах ситим, холуйуу —
холооһун — мэтээпэрэ, уу баһыы — уу баһыыта, саҥарыы
дорҕооно — саҥа дорҕооно, этиҥ аһарааччы — этиҥи
аһарааччы, уус-уран ааҕыы — уус-ураннык ааҕыы, кулун
туйах — кулун туйаҕа (от), аахпыты суруйуу — аахпыттан
суруйуу, көмөһүт — көмө үлэһит, тэҥҥэ холбоммут хол-
буу этии — тэҥҥэ холбуу этии, бас быа — бас быата,
өрөгөй ырыа — өрөгөйдөөх ырыа — өрөгөй ырыата — гии-
мин, таба суруйуу — табатык суруйуу.

              Ханнык да омук тылыгар саҥа чаастара көсүһүүлэрэ баар
        буолар. Оҕурдук биир саҥа чааһа атын саҥа чааһын суол-
        татын ылар. Маннык көстүү саҥа тыл үөскүүрүгэр маарын-
        ныыр. Атына: дьиҥ саҥа тыл үөскээбэт, тустаах тыл кырамаа-
        тыкалыы суолтата кэҥиир.

             Саха тылыгар аат тыл оннугар атын саҥа чааһа эмиэ тут-
         туллар. Ону ааттыйыы дэнэр. Холобур: оонньуур, сынньам-
        мыттар, сатабыллаах, алтанан, (от) күөҕэ, чугаһы.

 104. Бэлиэтэммит тылтан хайата аат тыл суолталаммытын ый.

    1. Кыраттан кыыһырсар, доҕору үөҕэн өһүргэтэр —
сыыһа быһыы. 2. Туоратыллыбат алҕас диэн суох. 3. Өй-
дөөх — холку, үптээх — күүстээх. 4. Уонна тугу кыай-
бат, тугу айбат буолуой дьиҥнээхтик баҕарыы! (Амма
Аччыгыйа). 5. Өйдөөх киһи өйдөөхтүк саҥарар. 6. Куттаҕас
алдьархайы улаатыннарар. 7. Айахха киирбиччэ саҥарыы
арыт дьону өһүргэтэр. 8. Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр.
9. Аһаатахха бүппэт ас диэн суох.

                                                                                                            59
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64