Page 57 - Саха тыла 6 кылаас
P. 57
Ханыылаһыы — саха тылыгар олус киэҥник туттуллар,
лиэксикэни наһаа байытар ньыма. Икки аат тыл ханыылаһан
хомуур, түмэр, киэҥ суолтаны биэрэр. Онон этигэн көстүү ах-
сааныгар киирэр.
Үксүгэр икки толору суолталаах аат тыл ханыылаһар: ийэ-
аҕа, үлэ-үөрэх, от-мас. Сороҕор биирэ эрэ толору суолталаах,
иккиһэ туспа туттуллубат аат тыл ханыылаһыан сөп: кэпсээн-
ипсээн, мал-сал, айдаан-куйдаан.
Ханыы аат тыл куруук кэриэтэ биир ахсааҥҥа турар, икки тыла
тэҥҥэ уларыйар, сурукка холбуур бэлиэ — дэпиис туттуллар.
Холобур: Олох улуу тыала-силлиэтэ өрө дэбилийэн тиийэн
кэллэ. Хаҥас диэки кутуйах иһити-хомуоһу тарбыыра иһиллэр.
Уопсай балаһыанньаттан туорааһын баар буолар. Ханыы тыл дэҥ
элбэх ахсаан сыһыарыытын ылынар: Ырыалар-тойуктар ытыллан
бардылар. (Ырыаттан)
98. Икки бөлөхтөн талан, ханыы аат тылы үөскэтэн су-
руй. Саҥа тыл суолтатын быһаар. Кыайыы, ырыа,
дьол диэннээх ханыы тылы туһанан, үс этиини тол-
куйдаа.
1. Кыайыы, сыал, дьиэ, дьол, дьыала, көр, дьон, ырыа,
киһи, күүс, үйэ.
2. Куолу, саас, сэргэ, сорук, уот, хотуу, күдэх, сүөһү,
нар, соргу, хоһоон.
Ханыы аат тыл, хомуур суолталаах буолан, барамай элбэҕин
түмэн көрдөрөр дьиктилээх. Онон судургу аат тыл элбэх ах-
сааныгар эбэтэр элбэҕин таайтарар тыллааҕар уруулуу соҕус
өйдөбүллээх буолар. Холобур: уол-кыыс оҕолор/элбэх оҕо,
от-мас үүнээйилэр/араас үүнээйи, ыарыы-сүтүү/дьаҥ-
дьаһах араас ыарыы, иһит-хомуос иһиттэр/эгэлгэ иһит.
99. Икки барыйааны тэҥнээн көрүөххэ. Хайата ордук
табыгастаах дии саныыгыный?
Көтөр-сүүрэр — харамайдар, араас харамай; ойуу-
дьарҕаа — ойуулар, дьикти, эгэлгэ ойуу; уу-хаар — уулар,
57