Page 60 - Саха тыла 6 кылаас
P. 60

12 §. Аат тыл ахсаана

           Ахсаан өйдөбүлэ олус интэриэһинэй. Тулалыыр эй-
       гэҕэ баар барамайы соҕотох эбэтэр элбэх диэн араа-
       рабыт. Бу өйдөбүл аат тылга ордук утумнаахтык уон-
       на чуолкайдык көстөр. Онно олоҕуран, аат тыл биир
       уонна элбэх ахсааннанар: оҕо — оҕолор, хатыҥ —
       хатыҥнар.

              Биир ахсаан анал сыһыарыыта суох. Аат тыл бу халыыба
         бэлиэтиир:
         1. Барамай чопчу биир буоларын: дьиэ, тиит, тэтэрээт, толоон.
        Манна төрүкүттэн соҕотох барамай, сорох анал аат киирсэр,
        холобур: күн, ый, сир, халлаан; Тыгын Дархан, Лөкөй, Дойомпо.
         2. Барамай аатын уонна хомуур ахсаанын. Маны этииттэн чуол-
         кайдыыбыт. Холобур: Ат — сыыдам көлө. Барамай ааттанар
        эрэ, ааҕыллыбат (тэҥнээ: Мин атым улууска бастааччы. Атым
        биир эрэ). Маннык түмэн «ааҕыы» эбиитин араарар майгын-
        наах (атын барамай, холобур, оҕус, таба, ыт буолбатах). Бы-
        йыл от Аммаҕа, Тааттаҕа өлгөмнүк үүннэ. Бу түбэлтэҕэ оту хо-
        муйан бииргэ этиллэр (тэҥнээ: Быйыл күннээтим: ходуһабар
         биэс от турда. Кэбиһиилээх от ахтыллар).
        3. Араарыллан ааҕыллара табыгаһа суох барамайы. Манна
        мэлдьи кэриэтэ биир ахсааҥҥа туттуллар аат тыллар хабыл-
        лаллар. Холобур, айылҕа көстүүтэ: сайын, куйаас, ардах; кэ-
        лимсэ, убаҕас, бытархай эттик: туой, алтан, ымдаан, суорат,
        туус; өйдөбүл аата: дьол, ытыктабыл, кэскил; хайааһын аата:
        кэлии, дабайыы, үөрүү.

             Элбэх ахсаан биир ахсааҥҥа утары турар. Бу халыып
        -лар сыһыарыынан үөскүүр. Бу бэлиэ киэҥник туттуллар, 16
        фонетическай араастаах. Маны таһынан иккис, сиинтэксистии
        ньыма баар.
        1. -лар халыыптаах аат тыл барамай элбэҕин бэлиэтиир:
        алаастар, сурунааллар, эрбиилэр. Онуоха элбэх диэн көннөрү,
        үрдүттэн, чопчута суох ыйыллар. Холобур, тэҥнээ: (кыра) дьиэ
         биир дьиэ, дьиэлэр  икки, икки хас, алта-сэттэ, элбэх,
        мөлүйүөн ... дьиэ.
        2. Барамай ахсаана чуолкай эбэтэр барыллаан, быһа холуйан

60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65