Page 64 - Саха тыла 6 кылаас
P. 64
112. I. Маны көрөөччүгүн дуо? Уруулууну бэлиэтиир аакка аах
эбиискэ эбиллэн элбэх ахсааны бэлиэтиир, холобур:
абаҕам аах, күтүөтүм аах. Син ити кэриэтэ анал аакка
–лаах сыһыарыы эмиэ итинник суолталанар: Ньукулай-
даах, Адаамаптаах.
II. Тэҥниэххэ: бу халыыптар суолталарынан ураты-
лаһаллара буолаарай? Лэглээриннээх — Лэглээрин-
нэр, Эрдэлиирдээх — Эрдэлиирдэр, Сөдүөччүйэлээх —
Сөдүөччүйэлэр.
113. Аллара бэриллэр барыйааны барытын тылга-өскө
туһаныахха сөп дуо? Эбэтэр хайата ордугуй, хайа-
та табыгаһа суоҕуй, сыыһаный?
Араас соруктар — араас сорук; хас да алаастары —
хас да алааһы, араас сирдэринэн — араас сиринэн;
тус-туспа үлэ — тус-туспа үлэлэр; улуус аайы — улуус-
тарга — улуустар аайы — улуус-улуус ахсын; кыһалҕа
бөҕө — кыһалҕалар бөҕө — кыһалҕа бөҕөлөр; эгэлгэ со-
рудах — эгэлгэ сорудахтар; үгүс-элбэх ситиһии — үгүс-
элбэх ситиһиилэр; сорох массыынаттан — сорох мас-
сыыналартан; аҕыйах садаача — аҕыйах садаачалар;
уонча оҕо — уончака оҕо — уонча оҕолор — уончакалыы
оҕо — уончакалыы-сүүрбэччэкэлии оҕо — уончалыы-
сүүрбэччэлии оҕо — уонча хас оҕо — уон хас оҕо — уон-
чакалыы хастыы оҕо.
Соҕотох барамайы элбэх курдук өйдөөһүн былыргыттан баар.
Холобур, норуот тылынан уус-уран айымньытыгар этиллэр:
Аттарым түргэнник сиэлбэхтээ. (Тэҥнээ: Аттарым түргэнник
сиэлбэхтээҥ). Билигин кэпсэтии да, уус-уран литература да
тылыгар итиннэ маарынныыр туттуу көстөр. Ордук айымньы
ааптара, ол иһигэр уран тыл ууһа — маастара барамайы эл-
бэх диэн күүскэ чорботуон баҕардаҕына, -лар халыыбы ис-
тиил соруктаах туттуон сөп.
Холобур: Үгүс холкуостары, оскуолалары көрдүбүт. Эл-
бэх мунньахтарга сырыттыбыт, араас араатардары иһитти-
бит. (Амма Аччыгыйа). Онно биһиги охсуһар, толорор, наһаа
толорор соруктарбыт биэс суол... (Суорун Омоллоон).
64