Page 69 - Саха тыла 6 кылаас
P. 69
123. Ааптар кырсаны хайдах ойуулаабытын болҕойон
аах. Тиэкис былаанын оҥор.
КЫРСА
Кырса — тымныыттан харыстыыр муус маҥан, уһун, хо-
йуу түүлээх. Киэҥ туундараны кэрийэ сүүрэр түргэн атах-
таах. Кыра да тыаһы истэ охсор сэргэх, чөрөҥнөс кул-
гаахтаах. Көтөрү-сүүрэри, саспыты-куоппуту булан көрөр
кыраҕы харахтаах. Хаар да анныгар сытары билэр сытым-
сах муруннаах.
Оттон сайын тыһы кырса иһийэн хаалар. Үрдүк том-
торго дириҥ гына тоҥ буору тобулу хаһар. Хороон оҥос-
тор. Кырса хороонун быта дэнэр. Онно сыл аайы төрүүр-
ууһуур.
Кырса хороонугар уон сэттэҕэ тиийэр оҕолоох буолар.
Оҕолорун эмиийдиир, арыый улааттахтарына, муора кы-
тыытыгар балыгынан аһатар. Туундара кырсата кутуйаҕы,
кутуйах хасааһын, көтөр уҥуоҕун мунньар. Күһүн, кыра
оҕолоро улаатан, тус-туспа бараллар.
Күһүн түүтэ ситтэҕинэ, булчуттар хапхаанынан, сохсо-
нон бултууллар. Кырса тириитэ олус сыаналаах.
(Николай Пестряков)
124. Ойуулааһыны туһанан диалогу салҕаа:
— Оҕолоор, бүгүн Вася миэхэ ыт оҕотун бэлэхтээтэ!
— Ханна баарый? Хайдах өҥнөөҕүй?
125. Хаартысканан Дьөһөгөй оҕолорун ойуулаан кэпсээ.
69