Page 73 - Саха тыла 6 кылаас
P. 73

132. Ускуопканы аһан, аат тыл ордук сөптөөх халыыба
                 диэбиккин туттан, этиигэ киллэр.

    1. Ороһуоспа өрөбүлүгэр Дьөгүөрдээн оҕустаах кэлэн
Микиитэни (суорҕаҥҥа, суорҕанынан) суулаан дьиэти-
гэр тиэйэн барда. 2. Оҕус (тириититтэн, тириитинэн)
оҥоһуллубут иһиттэрэ олус бөҕөлөр. 3. Дьиэ иһэ ыал оло-
рор (дьиэтин, дьиэтигэр) маарыннаабат буолла. 4. Биэл-
сэр ыраастык туттар, үгүстүк суунар туһатын туһунан
уонна дьон биир (иһиттэн, иһиккэ) аһаан, биир (хамсат-
тан, хамсанан, хамсаҕа) табахтаан, биир (сотторго, сот-
торунан, соттору) соттон араас ыарыыларга сысталла-
рын туһунан кэпсээтэ. 5. Кырдьык ханнык да (былаастан,
былаастааҕар), ханнык да (күүстээҕэр, күүстэн) ордук
күүстээх! 6. Таҥнар таҥаһы (маһынан-отунан, мастан-от-
тон), сүөһү (түүтүттэн, түүтүнэн) оҥороллор. 7. Буута уот-
таах (чох, чохтон, чоҕу) ылла.

            Түһүк сыһыарыыта тылы дьиҥ уларытар халыып буо-
       лар. Онон этиигэ салайыы ситимигэр ньыма быһыытынан
       туттуллар: ойууру көрөбүн, атынан айанныыр.

            Бу сыһыарыы тыл төрүт, үөскээбит олоҕор элбэх ах-
       саан, тардыы сыһыарыытын кэнниттэн сыстар. Холобур:
       ньирэй + лэр > ньирэйдэр, ньирэйдэр + им > ньирэйдэ-
       рим, ньирэйдэрим + ин > ньирэйдэрбин.

            Түһүк — уустук өйдөбүл: кырамаатыка икки салаатыгар
       сыһыаннаах. Хас биирдии түһүк анал суолталаах буолар.
       Сорох түһүк хас да, элбэх суолталанар. Онтуката этиигэ
       арыллар. Холобур, тэҥнээ: Эрдэлиир Дьөгүөрдээҥҥэ отуу
       тутуста. (Амма Аччыгыйа) Эрдэлиир көмөлөһөр эрэ. Эр-
       дэлиир Дьөгүөрдээҥҥэ отуу тутта. Эрдэлиир соҕотоҕун
       тутар. Эрдэлиир Дьөгүөрдээҥҥэ отуу туттарда. Эрдэ-
       лиир дьаһайар эрэ.

 133. Уустук түгэннээх түһүктээх этиини уус-уран айым-
         ньыттан булуҥ.

                                                                                                            73
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78