Page 75 - Саха тыла 6 кылаас
P. 75

136. -ны, -ы халыыптаах аат тыл этиигэ толоруу буо-
                 луутугар сыһыарыыта суох туохтуу түһүгүнэн
                 солбуйуохха сөп дуо?

    1. Боброву көрөөт, уол ытаан бөтүөхтээбитинэн бар-
да. 2. Ыстапаан этин атыылыырыгар төһө өр мачайда-
на сылдьыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. 3. Кини
араас уопуттары оҥортуура. 4. Быйыл производствоҕа
үлэлээбиттэри да ылыталыахтара. 5. Кинигэни ким ба-
рыта ааҕар.

                         Ситимнээх саҥа

                          ДЬИЭНИ-УОТУ ОЙУУЛААҺЫН

137. Бухатыыр дьиэтин олоҥхоһут курдук кэпсииргэ холон.

Бу балаҕаны эргиччи
Элэҥнэтэн көрдөхпүнэ,
Сэгэйиэ буолуо диэн,
Сэттэ уон лип тиит
Тирээбиллээх эбит,
Тоҕус уон суон тиит
Тулааһыннаах эбит.
Үөһээ өттүттэн
Өҕүллүбэтин диэн,
Уон ордуга икки
Сандалы маҥан өһүөлээх эбит.
Ол үрүт өттүнэн
Үс саһаан бадахтаах
Үрүҥ буорунан
Даҥ ыһан таһаарбыттар.
Үөһээ бөҕөттөн

                              75
   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80