Page 72 - Саха тыла 6 кылаас
P. 72
арыыны, харчыны — ылара. 8. Киһиэхэ төрөөбүт дойду-
туттан, аймах-билэ дьонуттан ордук күндү сир үрдүгэр
суох. 9. Баанча оскуолаҕа саахыматчытынан уонна кон-
структорынан аатырара, оттон Үүйэ ырыаһытынан уонна
үҥкүүһүтүнэн биллэрэ.
130. Сыһыарыыта суох уонна сыһыарыылаах туохтуу
түһүгү туттуу туох эмэ уратылаах дуо?
1. Таҥара быраат биэрээри гынар. — Эйиэхэ таҥа-
ра бырааты биэриэҕэ. 2. — Эбээ, дьоммут балык
аҕаллылар. — Эбэм сибилигин кэлэр, балыгы сиэмэҥ.
3. — Аҕаа, дьэ бүгүн саҥа кинигэ ыллыбыт, көрүөҥ дуо?
Киирэн, хата, тыыны көрө охсон тахсыбыт киһи. 4. [Мии-
тэрээс:] Бу Уйбаан сурук ыытта. [Бүөтүр:] Мин суругу
туппаппын. 5. Мотуо таһырдьаттан уу баһан киирдэ. Ууну
сомсо охсон таһааран сиргэ ууран баран, Ваня эттэ.
(Амма Аччыгыйа)
131. Уус-уран айымньыттан ылыллыбыт холобурга аат тыл
туохтуу түһүккэ турарын болҕой. Сороҕор ханнык тү-
һүгүнэн солбуйуохха сөбүн толкуйдаа.
1. Дьаакып үүтү үөһэ тарта. 2. Аҕам косилканан от оҕус-
тарааччы, ийэм массыынанан оту мустарааччы. 3. Сыт-
тыгын анныттан кинигэни таһаарда. 4. Суох, ити дьиэ хайдах
да бэкээринэҕэ маарыннаабат. 5. Микиитэ сүүрэн тиийэн
биир кирпииччэни сулбу тардан ылла. 6. Куораттыыр улахан
суолунан Кирилл Чокуров кумаҕы тиэйэн испитэ. 7. Сиэ-
биттэн эми ылан айаҕар угунна быһыылаах. 8. Оо, таптал,
таптал киһини тугу этиппэтэҕэ баарай?! 9. Микиитэ халтаҥ
арбаҕаһы бүрүнэ быраҕынна.
72