Page 76 - Саха тыла 6 кылаас
P. 76
Үргүөр үргүйэр күнүгэр
Үрэллибэтин диэн,
Өҕүөскэ тааһынан
Үллүк ууран кэбиспиттэр.
Хабыр майгылаахтар,
Хапсаҕай илиилээхтэр
Хатан харахтарын уотун
Хатаатахтарына,
Халыҥ куйах буоллун диэн,
Үс хос
Халбарыйбат хатан
Мас эркиннээх эбит.
(«Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» диэн
Д.Г. Говоров олоҥхотуттан)
138. Кылаас иһин судургу ойуулааһыны, уус-уран ойуу-
лааһыны оҥорон көр: дьүөрэ дорҕоонноох тылы-
өһү, сүһүөҕү тутун, араас тэҥнээһини, эпиитэти
туһан.
Бу — биһиги кылааспыт. Киэҥ улахан түннүктээх. Кы-
лаас ортотугар икки оҕо олорор паартата үс эрээтинэн кэк-
кэлээбит. Барыта уон биэс паарта баар. Инники эркиҥҥэ
кылаас дуоската, учуутал остуола, олоппоһо баар. Ойоҕос
эркиҥҥэ хас да истиэндэ көстөр. Кэтэх эркиҥҥэ кинигэ
ыскааптара турар, онно тобус-толору кинигэ угуллубут. Ол
барыта саас-сааһынан бэрээдэктэнэн турар. Ким баҕарар
астына туһанар кыахтаах. Көрдөрөн үөрэтэр тэрил сөптөөх
миэстэтин булан, кими да мэһэйдээбэт. Барыта тып-тап
курдук.
Биһиги кылааспыт — сырдык уонна ыраас.
76